Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата, Х.Максимов аатынан культура уонна сынньалаҥ киинэ, Д.Наумов аатынан олохтоох библиотека тэрийиитинэн, нэһилиэк киэн туттар дьонуттан биирдэстэрэ, РФ государственнай сулууспатын 1 кылаастаах сүбэһитэ, өр сылларга РФ Саха сиринээҕи хонтуруоллуур- ревизионнай управление салайааччытынан үлэлээбит Егор Егорович Рязанскай туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
69 страницалаах, халыҥ тастаах “Сырдыгынан сыдьаайар киһибит” диэн ааттаах дьоҕус кинигэни кыыһа Светлана Егоровна Рязанская, быраата Григорий Егорович Рязанскай, балта Мария Христофоровна Рязанская хомуйан оҥордулар. Кинигэ 50 ахсаанынан “Компания Дани-Алмас” кыһаҕа бэчээттэнэн тахсыбыт. Кинигэ тахсыытын Егор Егорович Рязанскай аймахтара үбүлээтилэр. Чуолаан, Соловьева Дария Христофоровна. Кинигэҕэ кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин, бииргэ төрөөбүт быраатын, өр сыл алтыһан үлэлээбит коллегаларын, үөрэх араас кыһаларыгар бииргэ үөрэммит табаарыстарын, чугас доҕотторун ахтыылара киирбиттэр. Кинигэҕэ ахтыыны суруйбут дьон бары Егор Егорович үлэҕэ эппиэттээҕин уонна эппиэтинэстээҕин таһынан, бииргэ үлэлиир коллегаларыгар истиҥ сыһыаннааҕын, кыһалҕалаах кэмнэригэр өйөбүл буоларын бэлиэтээбиттэр, махтанан суруйбуттар. Егор Егорович Рязанскай наһаа дойдутун сөбүлүүрүн, кыракый Сулҕаччытын хаһан да умнубатын, дьонун-сэргэтин нэһилиэк олоҕун өрүү истэ-билэ сылдьарын, сүбэ-ама, көмө оҥорорун туһунан Сулҕаччы нэһилиэгин киэн туттар ытык дьонноро, амма улууһун бочуоттаах олохтоохторо: үлэ, тыыл ветерана, кыраайы үөрэтээччи Петр Михайлович Павлов, саха народнай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ Семен Спиридонович Капитонов, өр сыл Сулҕаччы нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит Ким Егорович Иванов суруйбуттар.
Егор Егорович Рязанскай олоҕуттан кылгастык кэпсээтэххэ, 1949 с. сэтинньи 24 күнүгэр Сулҕаччы нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, “Албан Аат” 3-с ст. орденынан наҕараадаламмыт Егор Егорович Рязанскай. Кини сэриигэ улаханнык араанньа буолан 1945 с. эргиллибит.Манна даҕатан эттэххэ, Рязанскайдар төрүт уус Сулҕаччылар. Хос-хос эһээлэрэ Кылаадьы Баһылай, Василий Петрович Рязанскай Сулҕаччы нэһилиэгэр 6 сыл быыбарданан кинээстээбит.
Егор Рязанскай 1975 с.Якутскайдааҕы финансовай техникуму, онтон 1984 с. Хабаровскайдааҕы юридическай институту кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.
Үлэтин Уус-Алдан оройуонугар райфинотдел старшай финансиһынан саҕалаабыт. 1985-1992 сс. Орджоникидзевскай оройуон киинигэр Покровскайга үлэлиир. 1993 с. СР бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев 321-с номердаах бирикээһинэн, тохсунньу 5 күнүттэн СР Государственнай ревизионнай комиссиятын начальнигынан ананар. Кини салалтатынан 1993-1997 сс. ревизордар элбэх государство үбүн сиэһинин булбуттара, хоромньу оҥоһуллубут үгүс дьыалаларын арыйбыттара. 1997 с. Федеральнай казначейство Саха сиринээҕи управлениетын Дьокуускай куораттааҕы отделениетын начальнигынан солбуйааччытынан ананар. Билигин кэпсээҥҥэ киирбит «лихие 90-е», ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр үтүө суобастаахтык үлэлээн, кини салайар Саха сиринээҕи ГРУ үлэтэ Россияҕа үчүгэй үлэлээҕинэн биллибитэ. Ону 1996 с. “Эхо недели” хаһыакка “Якутия – страна самых лучших ревизоров” диэн улахан ыстатыйа тахсыбыта туоһулуур.
2000 сыл, РФ правительствотын бэрэссэдээтэлэ Михаил Касьянов кулун тутар 21 күнүнээҕи 471 №-даах бирикээһинэн РФ Саха сириннэҕи хонтуруоллуур-ревизионнай управлениетын начальнигынан ананар. Ити сыл 50 сааһыгар хомолтолоохтук күн сириттэн барбыта. Егор Егорович Рязанскай кэргэнин Антонина Дмитриевнаны кытта 27 сыл дьоллоохтук олорбуттара. 2 оҕону күн сирин көрдөрбүттэрэ. Билигин кинилэр олохторун сиэннэрэ салҕыыллар.
Кылгас уонна чаҕылхай олоҕу олорбут Сулҕаччы киэн туттар дьонноруттан биирдэстэрин туһунан кинигэ сүрэхтэниитигэр бииргэ төрөөбүт быраата Григорий Егорович Рязанскай, аймахтарын аатыттан убайа педагогическай үлэ ветерана, РФ үөрэхтээһинин туйгуна Семен Семенович Рязанскай, балтыта Вера Егоровна Исакова, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СР уопсай үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, кинигэ сүрэхтэниитин тэрийсибит сүбэһиппит Алексей Ильич Никифоров, СР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Раиса Иосифовна Стручкова, чугас табаарыстара, аймахтара Рязанскайдар ааттарыттан СР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Зоя Петровна Рязанская, Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Василий Александрович Неустроев кыттыыны ыллылар.
Аҕа табаарыһын, үлэҕэ уһуйбут үтүөкэн киһитин туһунан Москва куораттан Николай Николаевич Алексеев ахтыы оҥорон ыыппыта сэргэх сонун буолла.
Үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыаннаах, ылыммытын толорор, көрсүө-сэмэй патриот киһи уонна салайааччы туһунан кылгас тэрээһиммитин Улар Моисеев суруйуутунан түмүктээтибит : “Сахаҕа дэҥҥэ көстөр элэккэй, аһаҕас, аһыныгас дууһалаах айыы киһитэ, саха саарына этэ Егор Егорович Рязанскай”.
Елена Попова, Амма олоҕо хаһыат.
This post was published on 26.02.2024 14:02 14:02