Амма улууһугар «Оҕону оскуолаҕа хомуй» аһымал аахсыйа барар

Амма улууһугар «Оҕону оскуолаҕа хомуй» аһымал аахсыйа атырдьах ыйын 1 күнүттэн ый бүтүөр диэри биллэриллэн бара турар. Үгэс буолбут аахсыйа сылын аайы ыытыллар. Бу туһунан Ulus.media суруйар.


Тэрийээччи, «Үктэл» киин сэбиэдиссэйэ Надежда Сергиенко көмөҕө ким баҕалаах кыттыан сөбүн этэр. «Хомойуох иһин элбэх оҕолоох эбэтэр кыаммат ыалга оҕону оскуолаҕа тэрийии уустуктардаах. Бу акция онно көмөлөһөр сыаллаах тэриллэр», — диир сэбиэдиссэй.

“Талба”, “Утум”, “Книжный маркет”, “Союз” маҕаһыыннарыгар ким баҕалаах оҕолорго үөрэх тээбиринин, таҥаһы, канцелярскай табаары анал сирдэргэ хаалларыахтарын сөп.

This post was published on 17.08.2020 12:01 12:01