Амма улууһугар чох тиэммит бастакы уу тырааныспара тиийдэ

Фото: ГУП ЖКХ РС(Я)

Амма өрүскэ навигация саҕаламмытынан, улууска ОДьКХ туттуутугар уматыгы тиэммит бастакы тырааныспар тиийдэ. «Механик Лобанов» теплоход ыам ыйын 28 күнүгэр бортугар 2359 туонна чоҕу тиэнэн, миэстэтигэр тиксэрдэ.

Ыам ыйын 29 күнүн сарсыарда 9 чаас туругунан, Дьабарыкы Хайа чохтоох сириттэн уу тырааныспарыгар 11 099 туонна чох тиэлиннэ. Амма эбэнэн түөрт суудуна айанныыр, 8740 туонна чох тиэниилээхтэр.

Чоҕу ыскылаакка тириэрдиигэ 20-тэн тахса «СахаСпецТранс» тэрилтэ анал тиэхиникэтэ үлэлиир.

«Биһиги сүрүн сорукпут – түргэнник уолар Амма уонна Бүлүү өрүстэринэн филиалларга уматыгы тириэрдии. Бастакы туурга Дьабарыкы Хайаттан уонна Сангаартан 67,6 туонна чох тиэллэрэ былааннанар. Амманан Амма улууһугар барыта 11 100 туонна чох тиэллэхтээх, 11 000 туоннаны Мироновскай чох хостуур сиртэн Аллара Бэстээҕинэн тириэрдэр былааннаахпыт. Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар Бүлүү эбэнэн 56 500 туонна чох тириэрдиллэр», — СӨ ОДьКХ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев.

Быйылгы навигациянан барыта 373 000 туонна уматык филиалларга тириэрдиллиэхтээх.

This post was published on 29.05.2023 17:31 17:31