Чох тиэниилээх маҥнайгы караваны Амма улууһун официальнай делегацията үөрүүлээхтик көрүстэ. Алексанр Стриженко салайааччылаах «Капитан Зырянов » теплоход 2,5 суукка иһигэр Джебарики-Хаяттан 2500 туонна таас чоҕу таста. Билигин чоҕу «Сахаспецтранс» 27 тиэхиникэтэ сүөкүү сылдьар диэн ПАО «ЛОРП» пресс- сулууспата иһитиннэрэр.
«Төһө да бүгүн ардахтааҕын иһин, Амма улууһугар үөрүүлээх күн. Дьон «биир сайыҥҥы күн кыһыны быһа аһатар» дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах буоллаҕа. Кэлбит чох саппааһынан оттук кэмигэр хочуолунайдарын харгыһа суох үлэлэтиэхтээхпит», — диэтэ улуус баһылыга Николай Архипов.
Сотору кэминэн Аммаҕа таас чоҕу «Капитан Суетин» уонна «РТ- 731» аҕалыахтара. 2022 сыллааҕы навигацияҕа Амма улууһугар барыта 7,3 тыһыынча тонна чоҕу аҕалыахтара.
Бастаан 18 тыһыынча туоннаны тиэрдэргэ былааннаммыттар. Ол гынан баран, Бүлүү эҥэрдээҕи уу быһыытыттан-майгытыттан сылтаан, «СӨ ОДьКХ» ГУП бас билээччитэ Бүлүү бөлөх улуустарыгар уматык- энергетическэй ресурсаларын бастакытынан тиэрдэр туһунан ылылынна. Манна навигация 10 эрэ хонуктаах буолуон сөп, быйыл уу таһыма намыһах буолара күүтүллэр. Экипажтар соруктара Бүлүү өрүһүгэр оперативнай үлэ уонна өрүс уутун таһыма түһүөр диэри этэҥҥэ тахсыы.
Аммаҕа былааннаммыт таас чох хаалбыт кээмэйэ, пароходство флотунан Аллараа Бэстээххэ тиэрдиллиэҕэ, онтон суолунан Аммаҕа диэри тиэйиэхтэрэ.
This post was published on 03.06.2022 10:01 10:01