22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма улууһугар "Аҕа сылыгар" быһылааҥҥа түбэспит аҥардас аҕа саҥа дьиэлэнэригэр көмөлөстүлэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Болугур олохтооҕо, аҥаардас аҕа Петр Шилов гарааһа, тиэхиньикэтэ, дьиэтин ис оҥоруутугар туһаныллыахтаах тутуу матырыйаала бу сыл саҥатыгар бүтүннүү уокка былдьаммыта. Нэһилиэк социальнай бырайыагынан үтүө дьон киниэхэ көмө буоллулар.

«ЭЛМА» ХЭТ тэрилтэ салайааччыта Юрий Семенов, улуус салалтатын, норуот депутата Руслан Федотов уонна «Эксперт-Телеком» ХЭТ көмөлөрүнэн Петр Шилов дьиэтин ис үлэтэ түмүктэннэ. Петр Николаевич күүс-көмө өйөбүл буолбут тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо дириҥ махталын ис сүрэҕиттэн тиэрдэр.

«Нэһилиэкпитигэр элбэх оҕолоох, соҕотох төрөппүттэргэ дьиэ тутуутугар көмө оҥоруу социальнай бырайыак быһыытынан иккис төгүлүн ыытылынна. 2020 сылга элбэх оҕолоох соҕотох аҕа Артур Таппыров саҥа дьиэ тутуутугар эмиэ көмө оҥоһуллубута. Оттон быйыл бу сыл саҥатыгар Петр Шилов дьиэтин ис бараанын оҥорууга үгүс өттүттэн өйөбүллээх көмө оҥоһулунна. Маннык бырайыакка биир дойдулаахтарбыт туора турбакка, өрүү кыттыһан өйөбүл буолаллара олус хайҕаллаах, онон нэһилиэкпит дьаһалтатын, биир дойдулаахтарбыт аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит», — нэһилиэк баһылыга Степан Кузьмин.

Ааптар: Сахаяна Кожурова, https://www.instagram.com/amma_olo5o/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА