Тыа олохтоохторун сүөһүлээх өттө сайын аайы үүт туттаран эбии харчылаһар. Ити эрээри Амма улууһун олохтоохторо атырдьах ыйдааҕы үүттэрин харчытын туппакка олороллорун туһунан СИА редакциятыгар суруйдулар.
“Аммаларга өссө да үүппүт харчытын биэрэ иликтэр, бу нэдиэлэҕэ диэбиттэрэ да суох, атырдьах ыйы ыла иликпит”, — диэн олохтоохтор көрдөһүүлээх таҕыстылар. “ТХПК “Амма” үүт субсидиятын харчытын атырдьах ыйы биэрэ илик, уонна тоҕо быйыл үүппүт былаана кыраный? Былааммытын эрдэ толорон кэбиһэн, билигин 10 эрэ солк туттара сылдабыт” , — диэн эбэн биэрдилэр.
Ааҕааччылар ыйытыыларыгар ТХПК “Амма” салайааччыта Айысиэн Черноградскай эппиэттээтэ.
“Атырдьах ыйдааҕы үүт харчытын ааспыт нэдиэлэҕэ олоччу биэрбиппит. Билигин ылбакка хаалбыт аҕыйах киһи биирдиилээн кэлэн бэрэбиэркэлэнэллэр. Хомойуох иһин, квота быйыл биллэ аччаата. Холобур, былырыын 5570 туоннаҕа тэҥ буоллаҕына, быйылгы нуорма 4118 туонна диэн быһыллыбыта. Саас тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үүтү тутуҥ, күһүн нуорманы былырыыҥҥынан хааллара сатыахпыт диэбитэ. Ол эрээри күһүн харчы тиийбэтэ биллибитэ. Онон ордук үүтү 10 солкуобайынан аахтыбыт”, — диэн кини чопчулаата.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин комментарийа:
“2010 сыл ахсынньы 15 күнүгэр ылыллыбыт 881-с №-дээх 639-IV «Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннара, олохтоох салайыныы уорганнара уонна куораттааҕы уокуруктара тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын бэйэлэрэ быһааралларыгар анал боломуочуйа бэриллибитин” туһунан сокуонугар сөп түбэһиннэрэн, 2021 с. былаанынан үүтү соҕотуопкалааһын кээмэйэ Амма улууһугар 4118 тоннаҕа тэҥ.
Көрүллүбүт субвенциялар кээмэйдэрэ «Амма улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуоҥҥа 100% тиэрдиллибитэ. Оройуон суһал дааннайдарынан 2021 сыл ахсынньы 2 күнүнээҕи туругунан үүт кээмэйэ 4235,5 туоннаҕа тэҥ, ол иһигэр судаарыстыбаттан өйөбүллээх 4118,0 туоннаны, өйөбүлэ суох 117,5 туонна үүтү туттардылар. Үүт туттарааччыларга иэс судаарыстыбаттан өйөбүлэ суох туттарыллыбыт үүккэ таҕыста. “Амма” ТХПК үөскээбит иэстэрин сабарга үлэлэһэр”.
Ааптар: Мария Горохова
This post was published on 14.12.2021 15:30 15:30