Амма тыраассатыгар икки дьахтар суол саахалыгар эмсэҕэлээтэ

Алтынньы 17 күнүгэр 12:30 чааска Амма суолун 8-с километрыгар Toyota Succеed массыына суолтан түҥнэһиннэ. Суол саахалыгар икки пассажир эмсэҕэлээтэ диэн, өрөспүүбүлүкэ ГИБДД пресс- сулууспата иһитиннэрдэ диэн, СИА кэпсиир.

26 саастаах дьахтары төбө-мэйиитэ эчэйиилээх, сирэй өлөрүүлээх балыыһаҕа киллэрдилэр. Кини куттал суох буолуутун хааччыйар куру иилиммэккэ массыына кэннигэр пассажирскай сидиэнньэҕэ олорбут. Иккис эмсэҕэлээбит 41 саастаах дьахтар эмиэ кэннигэр уҥа диэки олорбут, эрээри курун иилиммит. Дьахтар төбө эчэйиитин ылбыт, киниэхэ амбулаторнай эмтэниини анаабыттар.

Кэннигэр хаҥас диэки олорбут үһүс пассажир улаханнык эмсэҕэлээбэтэх. 48 саастаах суоппар эмиэ эчэйиини ылбатах, куттал суох буолуутун хааччыйар курун кэтэн олорбут, саахал тахсар кэмигэр арыгы испэтэх.

Бэрэбиэркэ кэмигэр биллибитэ, суоппар 12 сыл ыстаастаах эбит. РФ ПДД-тын кэһиитин иһин сыл устата алта төгүл административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт.

Бэрэбиэркэ быһаарбыта массыына кыһыҥҥы көлүөһэтэ ирдэбилгэ сөп түбэспэт. Суол саахала тахсар кэмигэр хаар түһэ турбут, суол инчэҕэй уонна хаардаах эбит.

Суол быһылаанын чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.

This post was published on 18.10.2022 17:33 17:33