«Амма» суолун аспааллааһын былааҥҥа суоҕун, суол федеральнай таһымҥа бэриллэр түгэнигэр аспаалланар кыахтааҕын туһунан бэҕэһээ экономика миниистирэ Майя Данилова социальнай ситиминэн быһа тахсыытын кэмигэр эттэ.
Билигин суолу «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн сылын аайы өрөмүөннүүллэр, оҥороллор. Ити сыалга уопсайа 2,5 млрд солкуобай көрүллүбүт. 2019 сыллаахха 19 килэмиэтир суолу, 2020ҕэ – 36 км оҥоһуллубут. 2021 сылга 35 км суол оҥоһуллуохтаах. 2022 сылга былааҥҥа 57 км турар. Нацбырайыак чэрчитинэн уопсайа 206 км суолу оҥоруохтара.
«Амма» суола федеральнай буоларыгар Хабаровскай кыраайга тахсыахтаах», — диэтэ миниистир.
This post was published on 28.07.2021 11:01 11:01