"Амма" суол учаастагар аспаал ууруутун бүтэрдилэр

Фото: Управтодор Якутии

Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар «Амма» регионнааҕы айан суолугар аспаалы уурууну бүтэрдилэр. Суол үлэтэ кыраапыктан инникилээн иһэр.

Былаан быһыытынан, үлэ алтынньы бүтүүтэ түмүктэниэхтээҕэ. «Мегинские автомагистрали» бэдэрээччит 10 — 19 км учаастакка уу ыытар турбалары туруорда.

«Безопасные качественные дороги» нацбырайыагынан Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар 2023 сылга «Амма» суолга 13 км суол оҥоһуллуохтаах: 6 — 10 км (ООО «МКАД») уонна 10 — 19 км (ООО «МАМ»).

Маны сэргэ мэктиэлээх эбэһээтэлистибэ чэрчитинэн, 0 — 6 км суол бүрүөһүнүн кытаанах өрүтүн уларыталлар.

This post was published on 11.07.2023 15:35 15:35