"Амма" суол хаһан көннөрүллэн оҥоһулларын ыйыттылар

«Айан суола хаһан көннөрүллэр?» диэн «Амма олоҕо» хаһыат телеграм-ханаалыгар суруйда.

«Амма» өрөрспүүбүлүкэ таһымнаах суолга айан сырыыта уустугурда. Хаардаан, тоҥорон, онно эбии сорох сиринэн хаһыылар үөскээн, Дьэҥкэрэ диэн сир таһынан уу сүүрүгүрдэн кыра массыыналаахтарга олох эрэй буолла.

Маны ким оҥорор? Эбэтэр көрүүттэн тахсыбыт суол буолла дуу?, — диэн кыһалҕалаах боппуруоһу @amma_olo5o суруйда.

This post was published on 11.10.2022 12:25 12:25