Амма Соморсунугар 334 туонна от уокка былдьанна

Амма улууһун Соморсунугар ойуур баһаарыгар 334 туонна от уокка былдьанна. Бу туһунан СИАҕа нэһилиэк баһылыга Алексей Кононов кэпсээтэ.


«Баһаар Амма өрүһүн уҥуор Бэрэ диэн сиргэ умайар. Нэһилиэккэ суоһуур куттала суох. Ол эрэн уот 334 туонна оту сиэтэ. Баһаар иэнэ киэҥ, нэһилиэкпит аҥарын саҕа. Оту быыһааһыҥҥа итиэннэ уоту умулуннарыыга 71 киһи, аҕыс тиэхиньикэ үлэлээтэ. Бүтэһик үс күннээҕи ардах уоту биллэ умуруорда эрээри ойуур иһигэр көрдүгэнниир», — диир Алексей Кононов.

Балаҕан ыйын 28 күнүнээҕи туругунан Амма улууһугар барыта 722 туонна от умайбыт, үс тыһыынча кэриҥэ от быыһаммыт. Оттоох ходуһалары быыһыыр, уоту умулуннарар үлэлэр салҕаналлар. Билигин улууска сэттэ ойур баһаара умайар.

This post was published on 29.09.2020 17:01 17:01