“Амма” соҕотуопкалыыр кэпэрэтиип ыраас уунан хааччыйарга бэлэм

Амма улууһун олохтоохторо төгүрүк сыл устата ыраас ууну иһэллэр. Саас «Амма» кэпэрэтиип тиэйэр-таһар уутун нэһилиэнньэ ордук сакаастыыр.


Саас Амма өрүс киртийэрин саҕана “Амма уутугар” нэһилиэнньэ наадыйыыта өссө улаатар. Сорохтор кыһын устата муус уутун иһэ сылдьыбыт эбит буоллахтарына, саас кылыгыр ууга көһөллөр. Маны барытын учуоттаан, “Амма” кэпэрэтиип ыраас ууну таһаарыытын элбэтэр.

“Дьон-сэргэ ыраас ууга үөрэннэ. Билигин үгүс тэрилтэҕэ бытыылкалаах ууну иһэргэ анаммыт кулердар бааллар. Олохтоох да дьон “Амма уутун” иһэллэр. Биһиги тэрилтэбит халаан уутун саҕана ыраас ууну оҥорон таһаарыытын элбэтэр. Билигин 200 тонна ууну хаһаанан олоробут. Бу ааспыт сыллааҕар 50 тоннанан элбэх. Онон өрүс устар кэмигэр нэһилиэнньэни хааччыйыыга бэлэммит”, — диэн этэр кэпэрэтиип директора Айысен Черноградскай.

Амма уута чахчы да минньигэс. Амма уута ып-ыраас.

This post was published on 17.04.2020 13:06 13:06