Амма өрүскэ эр киһи сөтүөлүү сылдьан ууга былдьанна

Амма улууһугар өрүскэ эр киһи өллө. Бу туһунан от ыйын 24 күнүгэр Саха сирин прокуратуратын пресс-сулууспата  иһитиннэрдэ.

Эр киһи сөтүөлүү сылдьан өлбүтэ бэлиэтэнэр. Санатан эттэххэ, сайын саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 20-тэн тахса киһи өллө, ол иһигэр биэс оҕо.

Үксүгэр дьон сөтүөлүүргэ анамматах сиргэ ууга киирэн суорума суолланар.

This post was published on 24.07.2023 12:05 12:05