Амма улууһун 40 саастаах олохтооҕун кыра уу суудунатын ыытарыгар куттал суох буолуутун быраабылатын кэһэн, сэрэҕэ суох сырыыттан киһи өлүүтүгэр тиэрдибитигэр буруйдууллар. Киниэхэ олорсо сылдьыбыт пасссажир тоҥон өлбүт, диэн СИА иһитиннэрэр.
«2022 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр оҥочону ыытар бырааба суох киһи, «Крым» диэн ааттаах кыра суудунаны Амма өрүс ууга барбыт ходуһатынан устан иһэн остуолбаҕа кэтиллибит. Суудуна суоппара үс пассажирын кытары ууга түспүттэр. Аҕыйах кэм иһигэр биир пассажир биэрэккэ тахсан баран тоҥон өлбүт», — диэн Илин Сибиирдээҕи тырааныспар прокурорун пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Холуобунай дьыаланы прокурор суукка ыытта.
This post was published on 16.08.2022 16:10 16:10