28 Кулун тутар 28.03
  • -11°
  • $ 92,59
  • 100,27

Амма наахаралар аахсыйаларын сулҕаччылар өйөөтүлэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үлэ Геройа П.И. Яковлев төрөөбүтэ 100 сылынан „100 үтүө дьыала“ аахсыйа Амма улууһугар салҕанар. Эстафетаны Эмис орто оскуолатыттан Сулҕаччы ылан, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр көмөлөстүлэр.


Социалистическай Үлэ Геройа П.И. Яковлев төрөөбүтэ 100 сылынан төрөөбүт дойдутугар Амма Наахараҕа үгүс үлэ ыытыллар. „100 үтүө дьыала“ хамсааһыны өйөөн, оскуола кэлэктиибэ тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин сааскы үлэлэригэр көмөлөһөр челлендж ыыппыттара. Улуус оскуолалара ону батыһан, бүтэр уһуга биллибэт элбэх үлэлээх хороҕор мустааҕы сириэдитээччилэргэ, олохтоох бородууксуйаны дэлэтээччилэргэ көмө буолаллар.

Эмис орто оскуолатыттан эстафетаны тутан, Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын кэлэктиибэ үс хамаандаҕа арахсан, хаһаайыстыбалар түбүктэрин үмүрүтүстүлэр. А.И. Варламов, И.Г. Окороков, И.А. Стручков салалталарынан П.Н Тарасов, И. М Максимов, И. Т, Л. Н, Борисовтар, Е. П, Д.П Михайловтар, М.С, А.М Неустроевтар, О.С, Г.И Бурцевтар, Я.А, Т.С Никитиннар, И.С, И, В Слепцовтар, А.В. Капитонова, Р.А. Иванов, Р.И. Стручкова, А.П, О.В Максимовтар, Г. И, Н.П Егоровтар, Н.Н. Неустроева, М.М. Флегонтов хотонноругар үлэ күөстүү оргуйда.

Үгүс үлэни үмүрүппүт сулҕаччылар эстафетаны Сэргэ Бэс оскуолатын кэлэктиибигэр ыыттылар. Сандал саас кэлбитинэн үтүө дьыала тула улуус үөрэҕин тэрилтэлэрэ түмсэн кыттыыны ылыахтара диэн бигэ эрэллээхпит, диэн суруйда Ирина Олесова — Корякина https://www.instagram.com/amma_olo5o/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА