Амма эмчиттэригэр анаан олохтоох суһал ыстаап дьаҥтан харыстанар көстүүмнэри тиктэрэр

Амма улууһугар COVID -19 коронавирус ыарыыта тарҕамматын туһугар миэрэлэри ыларга анаан суһал ыстаап тэриллэн үлэлиир. Киин балыыһа үлэһиттэригэр харыстанар көстүүмнэри тиктэриигэ быһаарыы ылыллыбыта. Билигин медиктар бастакы көстүүмнэри туттулар.


Коронавирус инфекциятын улууска тарҕаппат туһугар тэриллибит суһал ыстаап Амма улууһун эмчиттэригэр 100 харыстанар көстүүмү тигэргэ дьаһал ылбыта. Улуус дьаһалтата матырыйаал атыылаһан, олохтоох иистэнньэҥнэр көстүүм тигиитин саҕалаатылар. Эмчиттэр бастакы 17 көстүүмү туттулар.

Биһиэхэ кэтэрбитигэр харыстанар көстүүмнэрбит тиийбэттэрэ. Анал таҥас суоҕа өскөтүн коронавируска уорбаланар киһи баар буоллаҕына, киниэхэ баран анаалыс ыларбытыгар кутталы үөскэтэр. Балаһыанньабытын өйдөөн, улуус дьаһалтата көмө оҥорбутугар махталбыт улахан. Ол курдук баһылык Николай Архипович Архиповка, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Софья Лаврентьевна Александроваҕа, бары депутаттарга, баһылык бастакы солбуйааччытыгар Иннокентий Семенович Климентовка, экономика управлениетын салайаачытыгар Роман Александрович Алексеевка, урбаанньыттарга Людмила Куприяноваҕа, иистэнньэҥ Евдокия Давыдоваҕа, бэйэтин баҕатын биллэрэн тигэ сылдьар Ирина Алексееваҕа дириҥ махталбытын тириэрдэбит. Маннык уустук балаһыанньа кэмигэр бары күүс-көмө буоллахпытына эрэ, бу кэми этэҥҥэ аһарыахпыт“, — диэн эттэ улуус кылаабынай бырааһа Михаил Архипов.

This post was published on 01.04.2020 17:31 17:31