Амма эбэҕэ массыынатын сууйбут суоппар эппиэтинэскэ тардыллыа

Амматааҕы айылҕаны харыстыыр иниспиэксийэ үлэһиттэрэ Амма өрүскэ массыынатын сууйбут суоппары буллулар.


Бэс ыйын 28 күнүгэр Амматааҕы иниспиэксийэҕэ Амма эбэҕэ массыына сууйбуттарын туһунан тыллабыр киирбит. ГИБДД үлэһиттэрин кытта иниспиэктэрдэр ирдиир үлэни ыыталлар. Массыыналаах киһи булуллар.

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, айылҕа харыстабылын сокуонун чэрчитинэн миэрэ ылыытыгар административнай ирдэбил ыытыллар.
Саха сиринээҕи экология министиэристибэтэ массыынаны анал эрэ сирдэргэ сууйар көҥүллэнэрин санатта. Үрэхтэргэ, күөллэргэ, өрүстэргэ, кытылларга сууйуу административнай ыстырааптааҕын өссө биирдэ тоһоҕолоон иһитиннэрдэ.

This post was published on 29.06.2020 15:01 15:01