Бу күннэргэ Амма улууһун Болугур нэһилиэгин ардай аһыылаахтар буулаабыттар. Ол курдук, улуйан уһуутууллара бу аҕай иһиллэрин туһунан иһитиннэрии социальнай ситимнэргэ тарҕанна.
Бөрөлөр, биллибитинэн, барыта аҕыс сылгыны охторбуттар. Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров: «Хомойуох иһин, бөрөлөр биир эрэ сылгыны тардыбатахтар. Барыта аҕыһы сүтэрдибит. Ол тута бу диэн быһаарыллыбат. Бөрөлөр сылгылары аһаҕас сиргэ охторботтор», — диэн Якутиядейли саайтка иһитиннэрбит.
Булчуттар быһа барыллаан ааҕыыларынан, уонча бөрө буулаабыт. Сур бөрөлөр ир суолларын суоллуурга биригээдэ тэриллибит, хапкааннары, техника уматыгын атыыласпыттар.
Источник: © sakha-sire.ru сайт