Амма оройуонугар эбэни туоруур 198-с км кыһыҥҥы суол арылынна. Сэтинньи 14 күнүттэн 3 туонналаах техникалар айаннара саҕаланна.
Амма эбэни техниканан туоруурга көҥүл туһунан бирикээһи СӨ айан суолун управлениета таһаарда. Муус халыҥа — 30 см.
Хонтуруоллуур сырыыны «РИК Автодор» Амматааҕы филиала ыытта, диэн СИА-ҕа тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
This post was published on 15.11.2019 10:18 10:18