Таатта улууһун Амма Аччыгыйа аатын сүгэр Харбалаах орто оскуолатын кэллэктиибин көҕүлээһининэн, Саха норуодунай суруйааччыта Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах “Амма Аччыгыйа уонна билиҥҥи кэм” диэн суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин ыытылынна. Дуорааннаах тэрээһин түһүлгэтинэн Дьокуускай куораттааҕы саха национальнай гимназията буолла.
Бу туһунан Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай музей наукаҕа үлэһититтэн Ньургуйаана Халгаеваттан токкоолостубут.
«Көрсүһүүгэ бырааттыы Мординовтар кыргыттара: биологическай наука кандидата Муза Николаевна, филологическай наука кандидата, үрдүк үөрэхтээһин бэтэрээнэ Галина Авксентьевна, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна Наталья Афанасьевна Васильева, суруйааччы сиэнэ Федор Лазаревич Обутов кэлэн ыалдьыттаатылар. Күндү дьоннорун туһунан сэһэргээн болҕомтону улаханнык таттылар, тэрээһини сэргэхситтилэр. Маны сэргэ, Амма Аччыгыйа үлэлээбит “Бэлэм буол” хаһыатыттан “Кэскил” хаһыат солбуйааччы редактора Александр Васильев — Көрдүгэн суруйааччы туһунан олус интэриэһинэй элбэх түгэннэри кэпсээтэ. Оччотооҕуга хаһыакка киирэр оҕолор айымньыларыгар, хас биирдиилэрин суругар хоруйдуурун, «Олоҕум саамай дьоллоох кэмнэрин бу хаһыакка атаардым» диэн өрүү киэн тутта кэпсиирин аҕынна», — диэн кэпсиир Ньургуйаана Викторовна.
Тэрээһин суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан үөрэнээччилэргэ, учууталларга дакылаат ааҕыыта, “Онус тоҕо?”(кэтэхтэн күрэстэр), дьиэ кэргэн викторината, дьиэ кэргэн хаһыата, суруйааччы хоһооннорун, айымньыларын уус-уран ааҕыы, инсценировка көрдөрдүүтэ, Амма Аччыгыйын айымньыларынан садаача толкуйдааһына түһүмэхтэринэн ыытыллыбыт. Маны сэргэ, учууталлар суруйааччы айымньыларын үөрэтиигэ үлэлэрин үөрүйэҕин атастаспыттар.
Күөн күрэс түмүгүнэн, дакылаат ааҕыытыгар учууталларга Гран При — Мария Ноговицына (Амматааҕы лицей), лауреаттар — Владлена Винокурова уонна Светлана Винокурова (иккиэн Харбалаах, Таатта). Үөрэнээччилэргэ бу түһүмэххэ Гран При – Лена Андреева (саха гимназията), лауреат – Аня Кулачикова (Харбалаах, Таатта). Дьиэ кэргэн викторинатыгар Никитиннэр (1 №-дээх оскуола, Дьокуускай) — Гран При, Тарабукиннар (Мэҥэ Хаҥалас) лауреат буолбуттар. “Дьиэ кэргэн хаһыата” күрэскэ Гран При — Айнара Санникова (Ытык Күөл, Таатта), лауреат — Света Колодезникова (Харбалаах, Таатта). “Онус тоҕо?” күрэс Гран Прита Ангелена Винокуроваҕа (Харбалаах, Таатта), лауреат аата Леонид Мальцевка (Бороҕон, Бүлүү) тиксибит. Хоһоон ааҕыытыгар “Мичик аллай” Бүлүүттэн уус-уран бөлөх – Гран При, Вильям Михайлов (Хаҥалас, Покровскай) “Ийэ” хоһоонунан лауреат буолбуттар. Инсценировкаҕа Гран При — Хаҥаластан Покровскай 1 №дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ “Куйуур” диэн айымньынан, лауреат – саха гимназиятын “Тыллыы” студията “Эмээхситтэр” диэн айымньынан ылбыттар. Айымньыларынан садаачаны суоттааһыҥҥа Эсмеральда Иванова (Амма) лауреат буолбут.
Түһүлгэҕэ Тааттаттан, Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Бүлүүттэн, Амматтан, Хаҥаластан уонна Дьокуускай куорат оскуолаларыттан үөрэнээччилэр, учууталлар көхтөөхтүк кыттыбыттар.
Тэрээһини саха тылын, литературатын учуутала, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна Валентина Кривошапкина ылыннарыылаах ылбаҕай, уус-уран тылынан иилээн-саҕалаан ыыппыт. Валентина Семеновна саха саарынын, сээркээн сэһэнньитин Амма Аччыгыйын айымньыларын норуот педагогикатыгар холбуу тутан нэһилиэгэр, улууска үгүс үлэни ыытарын, оҕолору, ордук уолаттары хоһоон ааҕыытыгар утумнаахтык дьарыктыырын дойдулаахтара киэн туттан бэлиэтээбиттэр, махталларын тиэрдибиттэр.
This post was published on 03.03.2016 17:27 17:27