Аммаҕа уопсастыбаннай бэрээдэги харыстыыр пуун арылынна

Амма улууһун киинигэр уопсастыбаннай бэрээдэги харыстыыр пуун саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирдэ. Бу дьиэни нэһилиэк олохтоох дьаһалтата Саха сиригэр милииссийэ тэриллибитэ 100 сылыгар анаата.


Амма нэһилиэгэ бэйэтин олохтоох бюджетыттан 1 мөл.800 солк тыыран, уопсастыбаннай бэрээдэк харыстааһынын пуунун тутан киллэрдэ. Пуун дьиэтин тутуута ааспыт сыл күһүнүттэн саҕаланан баран, Саҥа дьылы көрсө көҥдөйө бүппүтэ. Ол кэнниттэн ис үлэтин бүтэрэн-оһорон олунньу 19 күнүгэр үөрүүлээх арыллыыта буолла.

“Бу дьиэни тутуубут төрүөтүнэн Амма улууһун ис дьыалатын бэтэрээннэрин туруорсуута буолла. Кинилэр былырыын миэхэ киирэн бэрээдэги харыстааһыҥҥа анал дьиэ баара буоллар диэн көрдөспүттэрэ уонна милииссийэ тэриллибитэ 100 сылыгар бу дьиэни тутан киллэрдэххэ дьоһун бэлэх буолуо этэ диэн эппиттэрэ. Ону истэн, ылынан, дьүүллэһэн баран бэйэбит бюджеппититтэн харчы көрөн бу тутан киллэрдибит. Бу дьиэҕэ аҥардас полиция учаастактааҕы боломуочунайдара эрэ буолбакка, уопсастыбаннай үлэҕэ үлэлиир бары дьоммут киириэхтэрэ. Дьаһалта уопсастыбаннай бэрээдэги кытта үлэлиир исписэлииһэ, Амма нэһилиэгин 12 түөлбэтин салайааччылара, уопсастыбаннай тэрилтэлэрбит бары кэлэн мустан кэпсэтэр, сүбэлэһэр дьиэлэрэ буолуоҕа. Оччоҕо үлэбит түмүктээх буолуоҕа, бэрээдэкпит тупсуоҕа диэн эрэнэбин”, – диэн Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев билиһиннэрэр.

Үөрүүлээх күҥҥэ эҕэрдэ тылларын Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Саргылана Борисова, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, ИДьО начальнига Василий Стрекаловкай уонна тэрилтэ салайааччылара эттилэр. Бэрээдэккэ ситиһиилээхтик үлэлэһэр дьоҥҥо наҕараадалары туттардылар.

Бу маннык, уопсастыбаннай бэрээдэги араҥаччылааһыҥҥа анаммыт пуун  өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар суох диэн этиэххэ наада. Онон олох историческай түгэн. Нэһилиэккэ олохтоох дьаһалта 15 камера туруорбута, быйыл 9 камера эбиллиэҕэ. Ол манна түмүллэр, барытын көрө олоруохтара. Уулусса камералара баар буолан, уопсастыбаннай сиргэ бэрээдэги кэһии лаппа аччаан турар. Манна участковайдар гражданнары приемнуохтара, мунньахтар, үөрэхтэр да барыахтара”, – диэн ИДьО начальнига Василий Стрекаловскай санаатын үллэһиннэ, диэн “Амма олоҕо” хаһыат Инстаграм сирэйигэр суруйда.

This post was published on 20.02.2021 14:01 14:01