РФ Силиэстийэҕэ управлениетын силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччы, юстиция полковнига Игорь Кононюк Амма нэһилиэгин дьаһалтатыгар улуус олохтоохторун кытта биирдиилээн көрсөн кэпсэттэ. Кэмитиэт маннык приему улууска 2014 сыллаахха оҥорон турар.
Оччолорго киһи кыттыыта элбэх эбит буоллаҕына, бу сырыыга 4 эрэ киһи сырытта. Боппуруос сүрүннээн үлэҕэ киирии, онно туох ирдэнэрин туһунан буолла. Ону сэргэ силиэстийэҕэ туох да сыһыана суох боппуруостар эмиэ бааллар. Игорь Кононюк кэлбит дьоҥҥо барыларыгар быһааран, эппиэттэри биэрдэ.
«Маннык көрсүһүүлэр кэмитиэт үлэтигэр көмөлөөхтөр, улууска силиэстийэ кэмитиэтэ хайдах-туох үлэлээҕин, итэҕэс-быһаҕас баарын билиигэ көмөлөһөр», — диэн этэр юстиция полковнига.
This post was published on 12.03.2016 11:16 11:16