Амма улууһугар сааскы халааҥҥа анал хамыыһыйалар тэриллэн бэлэмнэнии үлэтин хонтуруоллууллар. Эбэ мууһуттан ыраастаныыта куруутун да долгутуулаах буолар.
Амма эбэ хаатыттан таҕыстаҕына улахан уу кэлэн сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэтэр. Биллэрин курдук, 2018 сыллаах халаан уута үгүс дьону аймаабыта. Бу хас эмэ сыллар кэннилэриттэн кэлбит улахан уу билигин хайа да түгэҥҥэ бэлэмнээх буолууга үөрэттэ. Улууска анал хамыһыйа тэриллэн уу ылар нэһилиэктэригэр сырытта, бэлэмнэнии үлэтэ хайдах барарын көрдө.
“Улуус хамыыһыйата кулун тутар ыйтан ыла халааҥҥа бэлэмнэнии үлэтин ыытар. Бу сырыыбытыгар 2018 сыллаахха күүскэ ууга барбыт Мээндиги, Абаҕа, Чапчылҕан, Амма, Сатаҕай уонна Алтан нэһилиэктэригэр сырыттыбыт. Бэрэбиэркэ кэмигэр дьаһалталар өртүлэриттэн ирдэнэр докумуоннар бэлэмнэрэ, төһө сөптөөхтүк оҥоһуллубуттара, халаан буолар түгэнигэр нэһилиэнньэни кытта бэлэмнэнии үлэтигэр эппиэтинэстээх дьон баарын билистибит. Маны сэргэ быстах кэмҥэ дьону олордор сирдэргэ усулуобуйа хайдах тэриллэн эрэрин, дьону сэрэтии үлэтэ хайдах барбытын көрдүбүт. Үлэ сүрүннээн барбыт. Билигин да бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Бары нэһилиэктэргэ хамыыһыйлар тэриллибиттэр. Маны сэргэ Арассыыйаҕа да, өрөспүүбүлүкэҕэ да халааҥҥа барбыт дьоҥҥо көмө оҥоһуутугар тахсыбыт уларыйыылар тустарынан кэпсээтибит. Манна сүрүн оруолу дьиэ хайаатар да страховкалаах буолара ирдэнэрин өссө төгүл санаттыбыт”, — диэн кэпсээтэ улуустааҕы халаан уутугар бэлэмнэнии хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Иванов.
This post was published on 21.04.2020 16:07 16:07