Быйыл олунньуга Аммаҕа «Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыагынан сменаҕа 200 киһи киирэн көрдөрөр поликлиника тутуута саҕаламмыта. Эбийиэги 2025 сыл төрдүс кыбаарталыгар үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Ол туһунан тустаах министиэристибэ иһитиннэрдэ.
Ааспыт ыйга дьиэ сыбаайалара түстүлэр. Билигин бастакы этээс тутуллар, иккис этээс тирэхтэрэ туруоруллар.
Кыһыҥҥы суолунан тутуу матырыйаала тиэллэн миэстэтигэр тиийдэ. 10 киһилээх биригээдэ үлэлиир. Бэдэрээччик — «Основа» ХЭТ.
Быйыл дьиэ көҥдөйүн бүтэрэн, итиитин киллэрэр былааннаахтар.
Саҥа таас поликлиника үс этээстээх буолар, оборудованиета, техниката барыта саҥаны таҥан туруораллар.
This post was published on 02.05.2024 11:33 11:33