Аны сайын ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэттэн тырааныспар хамыыһыйата кэлэн үлэлээтэ. Хамыыһыйаны СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев салайда. Амма улууһун өртүттэн кэлбит бөлөҕү баһылыгы тутууга солбуйааччы Виктор Смирников арыаллаата.
Кэлбит бөлөх састаабыгар Министиэристибэ суолга сулууспатын уонна автомобильнай тырааныспарга Департаменын салайааччытын солбуйааччы Софья Кузьмина, салайааччытын солбуйааччытын э.т. Евгений Ушаков, уу уонна тимир суол тырааныспарын Департаменын кылаабынай исписэлииһэ Владимир Новиков, “СӨ массыына суолларын Управлениета” ГКУ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Виктор Игнатьев, суолу көрөр-истэр отдел начальнигын солбуйааччы Семен Павлов уонна да атын эппиэттээх үлэһиттэр, ону сэргэ суол судаарстыбаннай инспекциятын инспектордара бааллар. Хамыыһыйа кэлэн иһэн “Амма” региональнай суолу, Аммаҕа кэлэн ыһыахтыыр сир таһыгар тырааныспар тохтуур сирин, Амма нэһилиэгин иһинэн ханан куттала суох айаннаан паркаҕа кэлии уулуссаны көрдө.
“Аммаҕа кэлэн паркаҕа кэлэр-барар уулуссары көрдүбүт. Билигин баар массыыналар тохтуур сирдэрэ кыараҕас. Ону кэҥэтэргэ этилиннэ. Биһиги хамыыһыйабыт сүрүн соругунан ыһыахха кэлбит ыалдьыттар да, кыттааччылар да харгыһа уонна куттала суох айанныылларын хааччыйыы буолар. Билэргит курдук ыһыах чугаһаата, бэс ыйыгар ыытыллар. Онон бэлэмнэнии эрдэттэн барар. Бу кэлэн көрбүппүтүнэн, кэпсэппитинэн ыллахха, олохтоох дьаһалта күүскэ үлэлии сылдьар. Бэлэмнэнии бара турар. Онон быйылгы ыһыахха транспортнай схема тэрээһиннээх буолуо дии саныыбын.
Аммаҕа кэлэн иһэн “Амма” региональнай суолу көрдүбүт. Манна быйылгы сылтан саҕалаан 2 учаастак, 7 уонна 15 км усталаах суолга асфаллааһын барыахтаах. Бу үлэни толорор бэдэрээччиттэр бэлэмнэнэрэ үчүгэй. Сорох матырыйааллар аҕалыллыбыттар. Ыһыах кэмигэр суолга ханнык да харгыс суох буолар гына, үлэ графига оҥоһуллан турар. Биллэрин курдук “Амма” региональнай суолга, ордук чуолаан Мэҥэ Хаҥалас улууһун территориятыгар баар суолга, суолу көрүүгэ-истиигэ үс сыллаах дуогабар түһэрсиллэн турар. Ол эбэтэр бу суолга элбэх өрөмүөн үлэтэ ыытыллыа. Ил Дархан биһиэхэ сорук туруорбута. Ол соругунан “Амма” региональнай суолу бүтүннүү Аммаҕа тиийэ асфаллыахтаахпыт. Онно үлэбитин саҕалаан эрэбит. Бастакы учаастак Бырама нэһилиэгин таһыгар баар. Онтон иккис 15 км учаастак Амма улууһун территориятыгар оҥоһуллуохтаах. Билигин барыта бырайыактана сылдьар. Онон биһиги сыллата этаптарынан учаастактарынан көрөн асфаллаан иһиэхпит”, — диэн СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев бэлиэтээн эттэ.
Владимир Михайлович түмүгэр ыһыах ыытыллар күннэригэр, дьон-сэргэ куттала суох айанныырыгар анаан айан да, нэһилиэк иһигэр уонна Амма- Бөтүҥ трассатыгар быылы хаптатар үлэлэри ыытыаҕа диэн эттэ.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат
Хаартыскалар: «Амма олоҕо» хаһыат, СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-канала
This post was published on 05.04.2024 13:01 13:01