Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа буолара икки хонук хаалла. Бырааһынньык ыалдьыттарын уонна олохтоохтору интэриэһинэй уонна чаҕылхай бырагыраама күүтэр.
Ыһыах биир ураты тэрээһининэн 120 самодеятельнай музыкант кырыымпаҕа оонньуура буолуоҕа.
Бырайыак кыттыылаахтара — улуус араас нэһилиэктэриттэн мустубут дьон, араас идэлээхтэр, саастара 7 — 75. Кинилэр анаан икки сыл кырыымпаҕа оонньуурга үөрэннилэр.
Бэс ыйын 19 -тан бэс ыйын 20 күнэ буолар түүнүгэр күнү көрсүү сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Былыргы култуура сөргүтүллүөҕэ, ыалдьыттар аан бастакыларын Өлүөнэ тардыытын истиилинэн тойугу истиэхтэрэ уонна Аммалыы оһуохайга кыттыахтара.
This post was published on 19.06.2024 16:01 16:01