Аммаҕа дьон-сэргэ быйыл Маай бырааһынньыгын уратытык атаарар. Дойду үрдүнэн карантин биллэриллэн турар кэмигэр урут үгэс буолбут сэлэлээн хаамыы суох. Ол да буоллар тэрилтэлэр бырааһынньыктыы киэргэнэн, Маай кэлбитин кэрэһэлииллэр. Ыаллар тиэргэннэрин ыраастаналлар.
Амма сэлиэнньэтин үрдүнэн сарсыарда 10 чаастан саҕалаан киэһэ 6 чааска диэри Үлэ, Саас, Маай бырааһынньыгынан ырыалар дьиэрэйэллэр.
Улуус баһылыга Николай Архипов социальнай ситим нөҥүө олохтоохтору бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтэ. Кини билигин коронавирус ыарыыта бүрүүкээн турар кэмигэр, балаһыанньаны ыараппат инниттэн бырааһынньыгы дьиэҕэ олорон дьиэ кэргэн иһигэр атаарарга, бу өрөбүллэр кэмнэригэр ханна да мээнэ сылдьыбакка атааралларыгар баҕарда. “Быйылгы сыл ураты, уустук буолла. Оҕолор дьиэттэн үөрэнэллэр, үлэһиттэр дьиэттэн олорон үлэлииллэр. Ол гынан баран олох тохтообот. Тутуу барар, ыһыыга бэлэмнэнэ сылдьабыт. Быраастарбыт биһиги доруобуйабыт туһугар күннэтэ түбүгүрэллэр. Ону учуоттаан, ыарыы тарҕамматын туһугар бырааһынньык өрөбүллэрин дьиэбитигэр олорон атаарыаҕыҥ, дьоммутугар күүс-көмө буолуоҕуҥ”, — диэн Николай Архипович дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр.
Урукку кэмнэргэ Амма дьоно-сэргэтэ бырааһынньыгы көхтөөх сэлэлии хаамыынан, тэрилтэлэр икки ардыларыгар сүүрүүнэн бэлиэтээн, дьиҥ дьахчы норуот сомоҕолоһуута буолара. “Улуус киинэ эрдэттэн былааныгар улахан норуот күүлэйэ буолуохтаах, сэлээлии хаамыахтаах этибит. Ол гынан баран коронавирус ыарыы турбутунан, ол тохтоото. Ол да буоллар тэрилтэлэр бэйэлэрэ киэргэммиттэрэ олус үчүгэй. Бүгүн уулуссаларга турар рупордарбытынан ырыа дьиэрэйэр, култуурабыт киинин үлэһиттэрэ бэйэлэрин ютуб ханаалларыгар “РДК-80” диэн ВИА тыыннаах доҕуһуолунан кэнсиэр көрдөрөр. Бэйэм бүгүн бырааһынньыгы дьуһуурунай быһыытынан үлэбэр көрсөбүн. Улууспутугар ыарыы тарҕамматын туһугар онно-манна айаннаабакка, дьиэҕитигэр олоруҥ, олбуоргут иһигэр үлэлээҥ-хамсааҥ диэн ыҥырабын. Оччотугар эрэ ыарыыны тохтотуохпут ”, — диэн этэр Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев.
Улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Александра Шестакова карантин бастакы күннэриттэн дьиэтигэр олорор. Ирдэбили күүскэ тутуһар. “Сиэннэрбин олох кэлимэҥ диэн боппутум. Билигин үс устудьуоммун кытта олоробун. Ыам ыйын бырааһынньыгын сарсыардаттан НВК ханаалыгар урукку параады көрөн көрүстүм. Ааспыты ахтан аастым. Быйыл төһө да уустук буоллар, тулуйарбытыгар тиийэбит. Ыарыы сотору бүтэригэр эрэнэбин. Бүгүн уолаттарбын кытта олбуорбутугар шашлыктыахпыт. Бары бэтэрээннэрбин Үлэ, Саас бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин уонна кытаатан тулуйан дьиэҕитигэр олороргутугар, чэгиэн буоларгытыгар баҕарабын”, — диэн Александра Петровна санаатын үллэстэр.
This post was published on 01.05.2020 16:01 16:01