Аммаҕа хонуу куруппааскытын пиэрмэтин арыйдылар

Амма улууһун Сатаҕайыгар хонуу куруппааскытын пиэрмэтэ арылынна. Бу хайысхаҕа бастакы хамсааһыны Айтал Неустроев саҕалаата.


Фермер Айтал Неустроев эппитинэн, көтөрү иитиинэн кини 2018 сыллаахтан дьарыктанан саҕалаабыт. Онтон «Агростартап» бырагыраамаҕа сайаапка биэрбит. Куонкуруска кыайан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин субсидиятыгар тиксибит. Көрүллүбүт үбүнэн пиэрмэтин дьиэтин туттубут.

«Идэм — тутааччы. Кыра оҕо эрдэхпиттэн пиэрмэнэн интэриэһиргиибин, ол иһин фермер буоллум. Сакаас киирэр. Куорат рестораннара сакаастыыллар. Хонуу куруппааскытын сымыыта киһи доруобуйатыгар наадалаах иҥэмтиэнэн баай. Инникитин көтөр ахсаанын 7 тыһыынчаҕа тириэрдэр былаан баар. Саҥа дьиэлээх буолан, билигин былааным олоххо киирэригэр эрэллээхпин», — диэтэ Айтал Неустроев.

Фермергэ билигин дьоно көмөлөһөллөр, сотору кэминэн үлэһит ылыахтаах. Кэлин эбии кус иитэр баҕалаах.

This post was published on 11.02.2021 18:02 18:02