Аммаҕа дьикти дьүһүннээх кулунчук төрөөтө

Муус устар 2 кунугэр Амма улууһун Бөтүнүгэр интэриэһинэй өҥнөөх кулунчук төрөөтө.


Герой ийэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин» уордьан төрдүс степеннээх кавалера, 60-с сылын ыанньыксытыы сылдьар Аграфена Егоровна Сутакова Элэмэс диэн кырдьаҕас биэтэ ураты көстүүлээх кулунчугу төрөттө.

Кулунчук ураты дьүһүнүттэн хаһаайыннар бэйэлэрэ да соһуйбуттар. «Ыйыталаһан билбиппит «чуоҕур» диэн өҥ эбит. Биэбит алтыс оҕото, бу иннинэ бэйэтин курдук дьүһүннээх буолааччылар», — дииллэр кинилэр.

Саҥа күн сирин көрбүт сыспай сиэллээх өссө да ааттана илик, инникитин төрүүр-ууһуур аналлаах.

This post was published on 04.04.2016 21:45 21:45