Аммаҕа дьэдьэнньиттэр «ыһыахтаан» эрэллэр

Бүгүн батсаап ситимигэр дьэдьэн бөҕөтүн үргээбит дьон хаартыскалара тарҕаннылар. Ханна бачча элбэх үүммүтүн туоһуластыбыт.

Амма Бөтүҥэр.

Сорох дьон былырыыҥҥы хаартыскалар диир, сорохтор Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка диэн суруйбуттар. Ол эрээри, бу Амма Бөтүҥүн дьэдьэнньиттэрэ эбит. Дьэдьэн нэһилиэктэн тэйиччи турар Хотуйа үрэх сүнньүгэр үүммүт. Онно ааспыт өрөбүллэртэн хоно сытан үргээччи, кэлээччи-барааччы буолунай үһү. Чакыр олохтоохторо этэллэринэн, дьон ыһыахха кэлбит курдук элбэх. Былырыын манна дьэдьэн үүммүт даҕаны, быйыл «наһаалаабыт» үһү.

edersaas.ru

Батсаап хаартыскалара.

This post was published on 17.07.2018 09:37 09:37