Амма сынньалаҥ уонна култуура пааркатыгар тэрилтэлэр икки ардыларыгар хайыһарга күрэхтэһии бэрт сэргэхтик буолан ааста. Түһүлгэ бастакы этабыгар тэрилтэ салайааччылара кытыннылар.
Холбоһуктаах тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ 700 миэтэрэҕэ эстафетаҕа сүүрдүлэр. Халлаан ириэрэн хайыһар суола олус халтараан да буоллар, кыттааччылар бэркэ кыһаннылар.
Түмүккэ бастакы миэстэни Амма нэһилиэгин дьаһалтата, иккискэ оҕо спортивнай оскуолата, үсүһү ис дьыала отделын хамаандалара ыллылар. Кыайыылаах Кубок хаһаайынынан буолла.
“Салгыҥҥа сылдьыы киһи доруобуйатыгар туһалаах. Биһиги тэрилтэбит эрдэттэн бэлэмнэммитэ. Эрчиллии наада. Ол түмүгэр бастаатыбыт. Эстафета буолан интэриэһинэй. Төрдүс миэстэ буолан испиппит. Аҥардас күрэхтэһэ эрэ буолбакка, чэбдик ыраас салгынынан тыынар үчүгэй буоллаҕа«, — диэн этэр Амма нэһилиэгин баһылыга Василий Слепцов .
Бу кэнниттэн оскуола оҕолоро хайыһарынан сүүрүүлэрэ саҕаланна.
This post was published on 27.03.2016 17:29 17:29