Ыам ыйын 24 күнүгэр чох тиэниилээх бастакы баржа Амманы булла. РП-277 диэн буксуурдуур судна 2300 т. таас чоҕу аҕалла.
Навигация аанын аспыт бастакы баржаны көрсө улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Петр Лебедев, ОДьКХ Амматааҕы филиалын дириэктэрэ Анатолий Нестерев тиийдилэр.
Судна хапытаана Сергей Новицкий ханнык даҕаны харгыһы көрсүбэккэ этэҥҥэ айаннаан кэлбиттэрин, уу таһыма анаабыт курдук киэбинэн турарын кэпсээтэ. «Эбэбит уута маннык, туран биэрдэр эрэ, былааннаммыт чох кээмэйин аҕалар кыахтаахпыт. Аммаҕа хаһыс даҕаны сырыым. Чоҕу сүөкээһиҥҥэ аммалар бэрт тэрээһиннээхтик, тэтимнээхтик үлэлииллэр«, — диэн хайҕаата.
«Сахаспецтранс» Амматааҕы учаастагын күүһүнэн сүөкээһиҥҥэ 5 погрузчик, 15 камаз үлэлии сылдьар. Олус сыыдамнык үлэлээн тигинэтэн эрэллэр. Биир суукканы кыайбат кэм иһигэр баржаларын сүөкээн элэҥнэтэн кэбистилэр. Өссө да икки баржа устан иһэр, төрдүс айаҥҥа турунаары сылдьар диэн иһитиннэрдилэр. ОДьКХ дириэктэрэ Анатолий Семенович: «Барыта 30 тыһыынча т. таас чох кэлиэхтээх. Бастакы түөрт баржа 7,5 тыһ.т. аҕалыаҕа. Ол кэннэ уу таһыма хайдаҕыттан көрөн, төһө чох кэлэрэ биллиэҕэ. Үөһээ Буйаҕа гидропоһа биллэрэринэн, уу таһыма 3 миэтэрэ. Оннунан турдар эрэ чох кэлиэҕэ, үлэлиир тиэхэньикэ бэлэм», — диэн СИА-ҕа эттэ.
This post was published on 27.05.2016 10:45 10:45