Аммаҕа баһаары сэрэтэр үлэлэр ыытыллаллар

Аммаҕа баһаартан сэрэхтээх буолууга анаммыт баһаарнай-тактическэй үөрэх ыытылынна, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Ол курдук, баһаарынайдар Федот Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр эрдэ чопчуламмыт миэстэтигэр тахсыбыт баһаары умуруордулар.

Манна 9№-дээх баһаарынай чаас састаабыттан 27 киһи үлэлээтэ. Баһаарынайдар 25 киһини эвакуациялаатылар уонна биир эмсэҕэлээччини быыһаатылар.

This post was published on 01.11.2023 10:52 10:52