Аммаҕа 1 Маай параадыгар 3000 киһи кытынна

Аммаҕа ыытыллыбыт параадка тэрилтэлэр көхтөөхтүк кытыннылар. Барыта 3000-тан тахса үлэһит бырааһынньыгы өрөгөйдүү көрүстэ.


Бары сэлэлээн хааман Албан Аат болуоссатыгар кэллилэр. Бырааһынньыктааҕы кэнсиэр, араас көр-оонньуу, атыы-тутуу дьону түмэ тарта.

Бастын үлэһиттэри Биир идэлээх сойуус кэмитиэттэрэ наҕараадалаатылар. Кинилэр ортолоругар улуустааҕы хаһыакка 1981 сылтан корректорынан үлэлиир Светлана Федорова эмиэ баар.

Эбиэттэн киэһэ тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыһыылаах-хаһыылаах эстафета ыытылынна.

This post was published on 01.05.2016 16:22 16:22