Аман өс: Ийэ тыл уонна санаа күүһэ

Сааскылаахха 12-с төгүлүн ыытыллыбыт «Аман өс» тыл күрэхтэһиитэ  «Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ» диэн хайысхалаах ыытылынна. Күрэххэ кыттыбыт аҕыс киһи бииртэн биир интэриэһинэй бырайыактарын көмүскээтилэр. 


Анаабырдааҕы РЭС бухгалтера Н.А. Спиридонова «Саха балаҕана», култуура үлэһитэ А.Е. Афанасьев  «Бөһүөлэк ис туругун тупсарыы» кэпсээннэрэ дьон болҕомтотун тартылар. Кинилэри сэргэ педагогическай үлэ ветерана Р.И. Бетюнская уонна олохтоох поэт Н.Л. Туприн саха тылын сөпкө туттан саҥарыы туһунан санааларын эттилэр. Педагогическай үлэ ветерана Л.Е. Алексеева  национальнай сувенирдары оҥоруу, күрэх эдэр кыттааччыта музей үлэһитэ А.С. Туприна виртуальнай музей, быраас В.А. Черемкина  саха иһитин уонна култуура үлэһитэ Т.А. Андросова  чабырҕах туһунан иһитиннэриилэри оҥордулар.

Дьүүллүүр сүбэ тыл этээччи дьон болҕомтотун тардыытын, көмүскүүр бырайыагын ис хоһоонун арыйыытын, уус-уран хомоҕой тылын-өһүн, дьон иннигэр туттан-хаптан толоруу маастарыстыбатын (слайда, эскиз көрдөрүүтэ), төрөөбүт тылы сөпкө саҥарыытын сыаналаата.

Кыайыылааҕынан Валентина Черемкина ааттанна: «Сыл аайы кыттабын. Тиэмэ уларыйан иһэр. Быйыл «Бөһүөлэк ис-тас өттүн саҥардыы, тупсарыы» диэн биллэриллибитэ. Ол иһин мин биһиги бөһүөлэкпитигэр сахалыы иһити-хомуоһу тарҕатыы, сөптөөх сыалга туттуу, ыһыахха хайдах туттуохтаахтарын, хайдах иһиттэр баар буолуохтаахтарын, туох суолталаахтарын туһунан сырдаттым«.

This post was published on 18.02.2016 17:00 17:00