Ама, биир кэлим эксээмэни суох оҥоруохтара дуо?

Аҕыйах хонуктааҕыта биир кэлим эксээмэни (БКЭ) тохтотор туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрбиттэр үһү диэн сурах интэриниэти биир гына тарҕанна.


Икки сыллааҕыта эмиэ тустаах боппуруоһу туруорса сылдьыбыттар эбит. Ол эрээри, ылыныллыбатах. Биирдиилээн биэдэмистибэлэр салайааччылара, биллэр-көстөр дьон утараллара эмиэ иһиллэн ааһар. Этэргэ дылы, дьэҥкирэ бэрт буолан кыайбаттар быһыылаах.

Тоҕо дьэҥкир диибиний? Төрөппүт буоларым быһыытынан, былырыын биир кэлим эксээмэҥҥэ эрдэттэн сайаапка биэрэн, түөрт төгүл уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүнэн сылдьыбытым. Маҥнайгы эксээмэҥҥэ туох да бэрт интэриэһинэй этэ.  Биһиги саҕана оскуоланы бүтэрэр эксээмэн буоллун, үөрэххэ туттарсыы буоллун барыта — билиэтинэн. Ол иһин “суоһурҕанар”, “барыларын куттуур” аатырар биир кэлим эксээмэннэрин илэ харахпынан көрөр букатын сонун этэ. Ити маҥнайгы сырыым туһунан балаһанан хаһыакка суруйан турабын. Онтон кэлиҥҥи эксээмэннэргэ чуҥкуйан барбытым. Эксээмэн барар сиригэр туох даҕаны кэһии суох, быһатын эттэххэ, дьэп-дьэҥкир. Дьэ, ити үлүгэр дьэҥкир эксээмэни тоҕо уларыта сатыылларын букатын өйдөөбөппүн.

Аҕыйах ый анараа өттүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин киин куораттар үөрэхтэрин кыһаларыгар урукку сылларга үксэ үөс сир оҕолоро үөрэнэллэрэ, биир кэлим эксээмэн киириэҕиттэн, эрэгийиэннэр үөрэнэллэрэ лаппа элбээтэ диэн эппиттээх. Сорох-сорохтор итини сөбүлээбэттэрэ дуу, харчы киирэр ханааллара сабылыннаҕа дуу. Баҕар, национальнай өрөспүүбүлүкэлэр оҕолоро үөрэхтэнэн ыраатаары гыннылар дииллэрэ буолуо. Билбит суох.

Тус бэйэм санаабар, биир кэлим эксээмэни суох оҥорор түгэннэригэр, кыра хамнастаах ыал оҕото үөрэхтэнэрэ саарбах. Мин үөрэх туттарсар кэммэр, 1990-с сылларга, саамай уустук кэм этэ. Тыа сирин дьоно барахсан оҕолорун үөрэххэ киллэрээри, тоһоҕолоон этэбин, үөрэххэ киллэрээри, сүөһүтүн сүүскэ биэрэрэ. Мэлийбиттэр дойдулууллара. Үөрэххэ киирбиттэр аны күһүнүгэр, оҕолорун үөрэххэ ыытаары, өссө биир сүөһүнү сүүскэ биэрэллэрэ. Билигин букатын атын. Улуустааҕы ыстааптар нөҥүө сайабылыанньаларын хас даҕаны үөрэххэ тэҥинэн ыытан баран сыталлар. Күһүн үөрэххэ киирдэхтэринэ эрэ кэлэллэр. Аны эксээмэн баалын түмүгүнэн көрүллэр буолан, барыта ырылхайдык көстөр. Иккиһинэн, эксээмэни өссө тупсаран иһэллэр. Ол курдук, садаанньаларын урукку курдук эрдэттэн тиэрдибэккэ, хас биирдии эксээмэн ыытыллар сиригэр миэстэтигэр, оҕо көрөн олордоҕуна, бэчээттээн таһаараллар. Чахчы билиилээх, эрдэттэн бэлэмнээх оҕо эксээмэни туттарар кыахтаах.

This post was published on 22.03.2018 10:30 10:30