Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх Алёна Татаринова «Белые ночи» Санкт-Петербургтааҕы марафоҥҥа кыайда. 42,2 килэмиэтири 2 чаас 32 мүнүүтэ 46 сөкүүндэнэн кэллэ, «Марафонец» портал иһитиннэрдэ.
Саха сирин спортсменката сүүрэр суолга уон сыл буолан баран төннөр уонна марафон кыһыл көмүһүн ылар. Икки ый анараа өттүгэр Алёна Татаринова Россия чемпионатыгар кыттар, үрүҥ көмүс мэтээли иилинэр.
«Белые ночи» норуоттар ардыларынааҕы марафон Санкт-Петербурга 33-с төгүлүн ыытыллар.
Быйыл сүүрүү кэмигэр күүстээх тыал түспүтэ, күүһүрэр кэмигэр 17 с/м, онон кыттааччыларга трасса ордук ыарахан буолла.
This post was published on 01.07.2024 12:38 12:38