Алтынньыга Саха сиригэр хортуоппуй уонна хаппыыста сыаналара чэпчээтэ

Сыллааҕы инфляция Саха сиригэр алтынньыга ааспыт ыйдааҕы таһымынан хаалла уонна 11,4% тэҥ. Манна аһаҕас сиргэ олордуллар оҕуруот аһын, куурусса уонна сүөһү эттэрин сыанатын динамиката сабыдыаллаата.

«Элбэх иэҥҥэ ыһыы уонна халлаан туруга туран биэрэн, элбэх үүнээйини ыллыбыт, аһаҕас сиргэ олордуллары. Ол түмүгэр, алтынньыга, сыл анараа өттүгэр  тэҥнээтэххэ, луук сыаната таҕыста, ол оннугар хортуоппуй уонна хаппыыста сыаната иккис ыйын түһэ турар», — диэн бэлиэтээтэ Национальнай баан Саха сиринээҕи салаатын управляющайын солбуйааччыта Андрей Гриднев.

This post was published on 18.11.2022 09:31 09:31