Алтынньыга дойду хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр урут тоҥоруу буолар, хаар түһэр, уу тоҥор, кыһын саҕаланар эбит буоллаҕына, быйыл ураты буолар үһү. Бу иһитиннэриини «Гидрометкиин» үлэһитэ Роман Вильфанд бигэргэппит.
Арассыыйа киинигэр +18+20 кыраадыс сылаас буолуо диэн сабаҕалыыллар. Дойду соҕурууҥҥу уобаластарыгар сайыҥҥылыы +25 кыраадыс туруохтаах.
Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ: Саха сиригэр уонна Магадаан уобалаһыгар салгын +15…+20 кыраадыска диэри сылыйыа, кыстык хаар өтөрүнэн түһүө суоҕа диэн сабаҕалыыллар. Дьэ, бу маннык сылыйыы өтөрүнэн буола илик.
Саха сиригэр маннык сылыйыы, төттөрүтүн, мөкү өрүтэ элбэх — хаар түспэккэ, кураанах тыа курус хартыынаны ойуулуур, сир тоҥмокко, муус турбакка, сырыы-айан харгыстанар, маны тэҥэ, идэһэни өлөрүү, муҥхалааһын, муус ылыыта, бородууктаны хаһааныы эмиэ хойутуур. Айылҕаҕа, кыылларга, көтөрдөргө хайдах дьайыа эмиэ биллибэт.
Ол эрээри, күнү-дьылы билгэлиир саайтарга киирэн көрдөххө, Саха сиригэр алтынньыга улахан тымныйыы да, сылыйыы да суох. Алтынньы 10 күнүгэр диэри күнүһүн уулларыан, +3+4 кыраадыска диэри сылыйыан сөп, ол эрээри, онтон ыла -5-10 кыраадыска диэри тымныйар, тоҥорор диэн көрдөрөллөр.
Чэ көрүөхпүт, хайдах буолар эбит.