Алтынньы – Хотой Айыы ыйа

Хотой  дириҥ ис хоһоонноох былыргы символ  кээмэйинэн, үгүс омук литэрэтиирэтигэр, култууратыгар, ускуустубатыгар бэрт дьоһун миэстэни ылар. Хотой символа хорсун, тулуурдаах, модун санаалаах буолууну бэлиэтиирин таһынан, ыччакка түмсүү, тэрээһин, ил тыынын, олох тутаах сыаннастарын иҥэрэр. Иитим үлэҕэ айыы сэһэнинэн түмэл олоҕу тутуһуу — бу барыта оҕону иитиһиигэ, киһилиигэ, сайдыыга, бүтүҥ олоххо тускулуур көрүк.


Никитина Нюргуяна Гаврильевна, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата, «Айыы Кыһата» национальнай гимназиятын иитим үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы

Ильина Күннэй Анатольевна, «Айыы Кыһата» национальнай гимназиятын географияҕа учуутала, мэтэдьиичэскэй холбоһук салайааччыта

Хотой  дириҥ ис хоһоонноох былыргы символ  кээмэйинэн, үгүс омук литэрэтиирэтигэр, култууратыгар, ускуустубатыгар бэрт дьоһун миэстэни ылар. Саха уус-уран литературатыгар хотойу ойуулаан көрдөрүүнү  Өксөкүлээх Өлөксөй  «Сайын кэлиитэ» поэмаҕа оҥорбута. Онуоха былыргы  эпитеттартан «Тайбыыр дьаҕыл», «Сүҥкэн эрэли» диэннэри туһаммыта. Дьаҕыл диэн  таҥара бэлиэтэ. Онон «тайбыыр дьаҕыл»  диэн көтө сылдьар таҥара бэлиэтэ» буолар. Оттон «Сүҥкэн эрэли»,  «Сүҥкэн Эрили» — сүүнэ чаҕылхай күүс көстүүтүгэр холонор. Өксөкүлээх Өлөксөй этэринэн, хотой аҕата  Сүҥ — хаан, Сүҥкэн Эрэли буолар. «Сүҥ — хаан, Сүҥкэн — эрили, Хомпоруун Хотой-Айыы  — бог, покровитель птиц”.

ХХ үйэ бастакы чиэппэригэр, 1913 сыллаахха В.М. Ионов  «Орел в воззрениях якутов» диэн ыстатыйатыгар хотойго сыһыан уонна хотой туһунан сахаҕа үгэстийбит өй-санаа үөрэтиллибитэ. Саха үгэстийбит өйүгэр-санаатыгар хотойу өлөрүү сэттээх-сэмэлээх.

Түүр омук эпостарыгар бухатыыр, кини ата хотойго кубулуйан күүһүрэллэр, хотой буолан охсуһар түгэннэрэ элбэх. Ол курдук, К.Г. Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар, Ньургун Боотур Айыы Дьураҕастайы  быыһыырыгар «хотой хара дьаҕыла» буолар уонна ап чарай быаны быһа охсор. Онтон алтаай эпоһугар бухатыыр ата хотойго кубулуйар. Ат уобараһа эмиэ хотой курдук халлааны кытта ситимнээх. Хотой бухатыыр харабыла, дурдата-хаххата буолар, орто дойдуну уонна үөһээ дойдуну сибээстиир, тэҥҥэ тутар аналлаах эбит. “Маадай Кара” диэн эпоска икки хара хотой Алтаайы, Маадай Кара бухатыыры харабыллыыллар.

Бары норуот хотойу көтөр кынаттаах ыраахтааҕытынан, былаас символынан билинэр. Онтон К.Г. Юнг суруйарынан “култуурунай символ — омук бэйэтэ үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит өлбөт тыыннаах  духуобунай уонна историческай суолталаах көрүүтэ, өйүн-санаатын тутула» [4].

Хотой символа хорсун, тулуурдаах, өлүүттэн куттаммат, модун санаалаах буолууну бэлиэтиирин таһынан, дьону-сэргэни түмсүү, тэрээһин, ил тыыныгар иитэр күүстээх дьайыылаах. “Доҕордоһуу. Бодоруһуу. Алтыһыы. Түмсүү. Тэрээһин. Сомоҕолоһуу. Ил. Иллээх олох” диэн олох тутаах сыаннастарын иҥэрэр.

Норуот педагогикатыгар уонна Айыы үөрэҕэр ыччаты норуот муудараһыгар иитиигэ Афанасьев Л.А., Саввинов А.С., Павлов А.Н., Ларионов В.Р., Портнягин И.С.,  Попова  Г.С. уо д.а. үлэлэригэр көрүөххэ сөп.

Айыы сэһэнинэн алтынньы ый — Хотой Айыы, добдурҕа ыйа. “Түмсүүнү төрүттээччи, тэрээһини олохтооччу, далааһыннаах өйдөөх, эҥсиилээх санаалаах, өрөгөй талааннаах, санныгар саргылаах, түөһүгэр төлкөлөөх” диэн хотой уобараһын арыйар алгыс тыллара киһи түмэр, төрүттүүр, тэрийэр, или олохтуур ис кыаҕын кэрэһэлииллэр.

«Айыы Кыһата» оскуола сэһэнинэн алтынньы ыйдааҕы иитим үлэ  соругунан хас биирдии оҕо бэйэтигэр соруктаах, бэйэҕэ болҕомтолоох буолуутун ситиһии, ил санаанан салайтаран кылааска, оскуолаҕа түмсэр, сомоҕолоһор ил санааны  төрүттээһин буолар.

Оскуола иһинэн үс кыттааччы (оҕо, төрөппүт, учуутал) бэйэ дьарыгын сөпкө тэриниитэ — соругу таба туруорууттан, инникини былааннаан көрүүттэн, күүстээх санааны ылыныыттан, ил санааны тутуһууттан, тэрээһиннээх буолууттан тутулуктанар.

Ый сэһэнинэн оҕо бэйэтин дьоҕурун, кыаҕын таба тайаныыта, туһаныыта, дьарыгын сөпкө тэринэрэ (күҥҥэ, нэдиэлэҕэ, ыйга), билиигэ-көрүүгэ баҕаны уһугуннарыыта – бу кини ситиһиитэ.

Оҕо баҕатын, интэриэһин, сааһынан сайдыытын болҕомто киинигэр ылан «Биһирэм кэпсэтиини» тэрийии, оҕону киинэ, ырыа, тыйаатыр, үҥкүү, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба эйгэтигэр сирдээн киллэрии, бибилэтиэкэ, түмэл, устуоруйа (кыраайы үөрэтии, саха саарыннарын чинчийии) , төрүт үгэскэ, үлэҕэ-хамнаска сыһыарыы учууталтан, төрөппүттэн ситимнээх, тиһиктээх үлэни, ньыманы, албаһы эрэйэр.

Айыы сиэринэн «Биһирэм кэпсэтиигэ» «Түмсүү уонна иллээх буолуу  айылҕа  биир  дьикти кистэлэҥэ», «Үс дойду өйүн түмэн өрөгөйүн үрдэт!» (Өксөкүлээх),  «Суон тиит курдук сомоҕолоһон сылдьаммыт сорукпутун ситиэҕиҥ, соргубутун тутуоҕуҥ» (Алампа) диэн үйэлээх этиилэрин оҕо хайдах өйдүүрүн, ылынарын ырытыһыахха сөп.

  • «Салыйбыты  сарт  сиир, сорсуйбуту суор тоҥсуйар»,
  • «Оннооҕор ый-күн алтыһар»,
  • «Туохтан да куһаҕан – иҥсэ, туохтан да үчүгэй – ил-эйэ»,
  • «Сиппиир ыарҕатын биир салаа талаҕын оннооҕор оччугуй оҕо тосту тутар»

диэн бэргэн этиилэр ис хоһооннорун ырытыһыы үөрэнээччигэ түмэл олох тускутун, ис  номоҕун арыйаллар.

Оҕо дьиэ кэргэнинээн бибилэтиэкэ, «Ааҕар Айыы Кыһата» эйгэтигэр кыттыһан хотой туһунан номохтору, үһүйээннэри, кэпсээннэри ааҕаллара биһирэнэр. Николай Якутскай “Хотой доҕоро” кэпсээнин “Эдэрдэр, улахан көтөрү атаҕастаамаҥ, кыһалҕалаах кэмигэр көмөлөһүҥ, кини үйэтин тухары ону умнуо суоҕа” тоҕо маннык түмүктээбитин, В.В. Яковлев “Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиитим” кэпсээнигэр дьон хотойтон тоҕо дьулайалларын ырытыһаллара кэрэхсэнэр.

Киинэ, ырыа эйгэтигэр Эдуард Новиков туруорбут “Тойон Кыыл” киинэни көрүү,  Гаврил Свинобоев музыкатыгар, Геннадий  Бечеряков тылыгар  «Хотой»  диэн ырыаны Анатолий Бурнашев  толоруутун истии

Мин хотой курдук өрөгөй –

Ол хаардаах чыпчаал үрдүнэн,

Күөрэйэр күөх халлаан урсунан

Көҥүллүк устуохпун баҕардым!

үөрэнээччи сөптөөх өйгө-санааҕа, турукка киирэригэр дьайыылаах.

Хотой майгыта майгыланыы диэн тугун бэйиэт Моисей  Ефимов  «Хотой» диэн хоһоонугар көрөбүт. Өбүгэ эдэр эрдэҕинээҕи хотойдуу майгыта уонна бүгүҥҥү көлүөнэ үҥэр таҥарата туох-ханнык буолуохтааҕа ааптары олус долгутар.

Хотой өлөрүгэр сиргэ түспэт,

Өндөл халлааныгар өрө көтөр.

Далан дабыдалынан күпсүйбүтүнэн,

Көттө көппүтүнэн онно өлөр.

Ый сэһэнинэн оҕону устуоруйаҕа сыһыаран бырайыактыыр үлэҕэ көҕүлүөххэ сөп:   «Саха саарыннара, кэм кэрэһиттэрэ”Омоҕойтон, Эллэйтэн саҕалаан Тыгын, саха көҥүлүн көмүскээччи Мымах, Маһары Бөдьүөкэп, Софрон Сыраанап, Алексей Аржаков, норуот дьолун туһугар толук буолбут судаарыстыба үлэһиттэрэ П.А. Ойуунускай, М.К.Аммосов, И.Н.Барахов, С.М.Аржаков, С.В.Васильев уо д.а. олохторун, үлэлэрин чинчийии.

5 кылаас — саха сирин олохтоох омуктара: эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, чукчалар, долганнар төрүттэрэ, тыллара, сүрүн дьарыктара, олорор сирдэрэ, иллээх олох сиэрэ.

6 кылаас — К.Н. Гурьев “Мааман уонна киһи”, Куорсуннаах “Арҕаа кэпсээнэ”, хотугу киһи уонна айылҕа, таас үйэ кэмэ.

7 кылаас — XVII үйэтээҕи – Тыгын үйэтэ, Тыгын – историческай дьоруой, сэрии уонна Ил туһунан, В.С. Яковлев – Далан “Тыгын Дархан” арамаанын ааҕыы.

8 кылаас — саха сирэ нуучча судаарыстыбатыгар холбоһуута,  ыраахтааҕылыын алтыспыт сахалар, Дьоһун Сүбэ тэриллиитэ.

9 кылаас —  XX үйэ бастакы чиэппэригэр саха общественнай, политическай, култуурунай түмсүүлэрэ.

10-11 кылаас — саха төрдүн-ууһун туһунан Г.В. Ксенофонтов, А.И. Гоголев, Сомоҕотто, Г.В. Попов уо д.а. чинчийиилэрэ.

Тыйаатыр, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба эйгэтэ. “Урааҥхай саха” историческай-этнографическай киинэ, саха тыйаатырыгар турбут “Хайаан да эргиллиэм”, “Бастыҥ хатыыта”, “Көмүөл”, “Тэпсиллибэт үтүө аат” испэктээктэри көрүү, ырытыы үөрэнээччигэ оччотооҕу кэм тыынын тилиннэрэллэр, дьон олоххо охсуһуутун арылхайдык көрдөрөллөр. Оччотугар бүгүҥҥү кэм-кэрдии оҕото:

  • Оскуолам, олорор түөлбэм, өрөспүүбүлүкэм, дойдум тула туох уларыйыылар буолалларый? Бу уларыйыылар туох түмүктээхтэрий?
  • Оскуолам, төрөөбүт түөлбэм, өрөспүүбүлүкэм иннигэр турар кыһалҕалары быһаарсар, онно кыттыһар кыахтаахпын дуо?
  • Киһи буолан үүнэр күүһүм өһүллүбэтин, кэскилим кэхтибэтин туһугар тугу гыныахтаахпыный?
  • Киһи киһитэ, “Дьон киһитэ” диэн хайдах киһини ааттыахха сөбүй?

диэн ыйытыылар тула толкуйун тобулар. Дьон-сэргэ ортотугар алтыһан, бодоруһан олоруу сиэрин кэһии киһини туохха тиэрдиэн сөбүн  санаатын сааһылыыр. “Дойдум дьылҕата – мин дьылҕам” диэн тиэмэҕэ толкуй сурук суруйуу киһили киһи буолууга тускулуур.

Олоххо сэрэхтээх буолууга үлэ тиһиктээхтик ыытыллара эрэйиллэр: оскуолаҕа, уулуссаҕа, уопсастыбаҕа сиэрдээхтик сылдьыы; нэдиэлэ ахсын оҕо күннүгүн (дневник) толоруутун, таҥаһын-сабын хонтуруоллааһын, саҥа кэлбит оҕолору уруокка сылдьан кэтээн көрүү; бэйэҕэ, тулалыыр дьоҥҥо убаастабыллаах сыһыан; суолга-иискэ, эбэҕэ, күөлгэ, күһүҥҥү мууска, халтарааҥҥа сэрэхтээхтик сылдьыы. Идэлээх дьону кытта көрсүһүү, сэһэргэһии, лекциялары истии, дьарыкка сылдьыы тэриллэр.

Оскуола иитим үлэтигэр төрөппүт кыттыһыыта — ийэ, аҕа, эбэ, эһэ түмсүүлэрэ төһүү күүс буолаллар. Оскуола уопсай төрөппүт мунньаҕа, учуутал, ийэ, аҕа, эбэ, эһэ, муҥха, булт-алт, иис-уус  күннэрин бүттүүн түмсэн тэрийии туохтааҕар да кыайыылаах-хотуулаах.

Түмүктээн эттэххэ, иитим үлэҕэ айыы сэһэнинэн түмэл олоҕу тутуһуу — бу барыта оҕону ситиһиигэ, киһилиигэ, сайдыыга, бүтүҥ олоххо тускулуур көрүк.

Литэрэтиирэ 

  1. Васильев Н.И. История Якутии (с древнейших времен до 1917 г.): учебное пособие для ст. кл. ср. шк. – Якутск, 2004.
  2. Гоголев А.И. История Якутии. — Якутск, 2015.
  3. Культура народов Республики Саха (Якутия) : учебное пособие для 5-9 классов. – Якутск : Компания “Дани-Алмас”, 2017.
  4. Юнг К.Г. Подход к бессознательному // Юнг К.Г. Архетип и символ. М., 1991. С. 85. 2.

 

This post was published on 02.10.2020 11:01 11:01