Аан дойдутааҕы почта күнэ ХНТ иһинэн 1969 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Бэлиэ күн 1874 сыллаахтан силис тардар. Ити сыл алтынньы 9 күнүгэр аан дойду почталарын бөлөҕө (Всемирный почтовый союз) тэриллибит. Билигин бу союзка 192 дойду киирэр. Норуоттар ардыларынааҕы почта 6800 араас омук тылынан саҥарар. Бу күнтэн ыла аан дойду үрдүнэн сурук нэдиэлэтэ саҕаланар.
Арассыыйа почтата союз биир кырдьаҕас уонна сабыдыаллаах чилиэнинэн буолар. Федеральнай почта 42 тыһ. эбийиэктээх, 40 тыһ тахса почта салаалардаах, сүүһүнэн почтамнардаах. Почта өҥөтүнэн нэһилиэнньэ 99% туһанар.
Алтынньы 9 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 282-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 283-c күнэ). Сыл бүтүө 83 күн баар.
- Аан дойдутааҕы почта күнэ
- Соҕуруу Кэриэйэ — Хангыль (кэриэй алпабыытын) күнэ
- АХШ, Исландия, Норвегия — Лейф Эриксон күнэ. Лейф Эриксон диэн Христофор Колумб быдан иннинэ Хотугу Америкаҕа сылдьыбыт скандинав айанньыта.
- АХШ — Национальнай нанотехнология күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1446 — Кэриэйэ хангыль алпабыыкка көспүт. Бу иннинэ кэриэйдэр кытай иероглифтарын туһаналлар этэ.
- 1604 — Халлааҥҥа Үүт Суола галактикаҕа үөскээбит сверхновай сулус тыкпыт. Үс нэдиэлэ тухары күнүһүн даҕаны көстөр халлаан саамай чаҕылхай сулуһа буолан турбут.
- 1731 — Арҕаа Казахстаҥҥа Кыччыгый Жуз хаана Абулхаир джунгаардартан көмүскэл көрдөөн Арассыыйа подданнайа буолбут. Казахстан Арассыыйа импиэрийэтин састаабыгар киириитэ саҕаламмыт.
- 1996 — «Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ» ытык аат туһунан балаһыанньа Ил Түмэн уурааҕынан бигэргэтиллибит. Ытык аат Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр — балаҕан ыйын 27 күнүгэр — түбэһиннэрэн Ил Дархан ыйааҕынан иҥэриллэр.
- 2006 — Хотугу Кэриэйэ бастакытын ядернай сэрии сэбин холоон көрбүт. Туох баар тутаах дойдулар, НАТО, Евросоюз бары бу холоон көрүүнү сэмэлээбиттэр.
- 2006 — Google хампаанньа YouTube видеосервиһи 1,65 миллиард долларга атыылаһарын туһунан биллэрбит.
Төрөөбүттэр:
- 1547 — Мигел де Сервантес — Испания новелиhа, бэйиэтэ уонна драматурга. Кини magnum opus үлэтинэн буолар Дон Кихот, аан дойду биир бастыҥ новеллата уонна Арҕаа литература классиката.
- 1891 — Ян Полуян — Саха сиригэр Конфедералистар бастаанньаларын хам баттааһыны салайбыт киһи.
- 1892 — Иво Андрич — Югославия улуу суруйааччыта, 1961 сыллааҕы литератураҕа Нобель бириэмийэтин лауреата.
- 1913 — Роман Васильев — Саха сиринээҕи ил, баартыйа, ЫБСЛКС диэйэтэлэ, 1953—1956 сыллардаахха Саха АССР Совминын бэрэстээтэлэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун (1985), Өймөкөөн улууһун, Алдан улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1949 — Евгения Михайлова — 1997—2002 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин миниистирэ, 2010-2019 сылларга М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора, педагогика билимин дуоктара, профессор, Арассыыйатааҕы үөрэхтээhин академиятын академига. Российскай Федерация үтүөлээх учуутала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2001), Бүлүү улууһун, Горнай улууһун ытык киһитэ.
- 1957 — Василий Гоголев — саха биллиилээх тустууга, ССРС спордун үтүөлээх маастара. ССРС үс төгүллээх чемпиона (1984, 1985, 1986), Европа икки төгүллээх чемпиона (1985, 1988), Аан дойду чемпионатын боруонса призера (1985). Чурапчы улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүттэр:
- 1941 — Никон Романов — устуорук, саха маҥнайгы учуонайдарыттан биирдэстэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. саха маҥнайгы учуонайдартан биирдэстэрэ.
- 1966 — Прокопий Добрынин — Саха сириттэн төрүттээх бастакы идэтийбит скульптор.
- 1967 — Че Гевара — аатырбыт революционер, хомуньуус бартыһаана.
- 1987 — Егор Федоров (20.10.1934 төр.) — филология билимин хандьыдаата, саха прозатын биир тутаах чинчийээччитэ.
This post was published on 09.10.2020 09:01 09:01