12 Балаҕан ыйа 12.09
  • $ 91,27
  • 100,74

Алтынньы 8 күнэ. Саха телевидениетын, авиациятын күнэ - Бикипиэдьийэ

09:01, 08 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха телевидениета 1963 сыл алтынньы 8 күнүттэн тиһигин быспакка эфиргэ тахсыытын саҕалаабыт. Дьокуускайга телецентр тутарга диэн быһаарыы ылыллыбытын кэннэ 4 сылынан телевидение үлэтин саҕалаабыт.

1992 сыл кулун тутар ый 3 күнүгэр, Саха сирин президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа баар буолбута. Бүгүн хампаанньа 34 улууска уонна Москваҕа, Санкт-Петербургка уонна Хабаровскайга, уопсайа 37 филиаллаах. «Саха» НКИК республика нэһилиэнньэтин 99.7% хабар. Көрдөрөр уонна иһитиннэрэр үлэтин саха, нуучча уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларынан ыытар.

«Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа — Саха сирин бастакы уонна соҕотох телевидение уонна радио хампаанньата. Россия Уһук Илин регионыгар биир бөдөҥ маассаабай информация средствота буолар. 


Алтынньы 8 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 281-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 282-c күнэ). Сыл бүтүө 84 күн баар.

Бэлиэ күннэр:

  • Саха телевидениетын күнэ
  • Cаха сирин авиациятын күнэ
  •  Арассыыйа — Уу үрдүнээҕи, уу аннынааҕы уонна көтөр аал хамандыырын күнэ
  •  Украина — Украина юриһин күнэ
  •  Ииндийэ — Халлаан сэбилэниилээх күүстэрин күнэ

Түбэлтэлэр:

  • 1480 — Москуба Улуу кинээһэ Иван III уонна Улахан Ордуу хаана Ахмат сэриилэрэ «Угра өрүһүгэр турууну» саҕалаабыттар. Дань төлөтө кэлбит татаар сэриитэ нуучча сиригэр ааһаары өрүһү туоруу сатаабытын Иван III тохтоппут. Биир ыйынан татаардар Москуба сэриитин кыайбакка, сыалларын ситиспэккэ төннүбүттэр. Манан нуучча сирдэригэр 2,5 үйэлээх монгол-татаар былааһа эстибит.
  • 1818 — Англияҕа бастакытын боксаҕа бэрчээккини туһаммыттар.
  • 1925 — Саха сирин бастакы сөмүлүөтэ «Сопвич» аан бастаан көппүт. Пилот Пётр Фадеев Даркылаах бириистэнтэн көппүт уонна Күөх хонууга түспүт. Бастакы пассажирдарынан Бартыһаан ДьөгүөрэпБылатыан Ойуунускай уонна А. П. Дмитриева буолбуттар.
  • 1934 — Дьокуускайга Педагогическай институт аһыллыбыт, билиҥҥитэ — М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет. Институт бастакы дириэктэринэн Иван Жегусов буолбут.
  • 1963 — Саха телевидениета тиһигэ быстыбакка эфиргэ тахсыытын саҕалаабыт. Дьокуускайга телецентр тутарга диэн быһаарыы ылыллыбытын кэннэ 4 сылынан телевидение үлэтин саҕалаабыт.
  • 1967 — Боливияҕа аатырбыт революционер, хомуньуус бартыһаана Че Гевара билиэҥҥэ түбэспит, сарсыныгар кинини өлөрбүттэр. Өлөн баран Че Гевара бүтүн аан дойдутааҕы контркултуура им бэлиэтэ буолбута.
  • 1978 — Мирнэй улууһугар Орто Ботуобуйа ньиэптээх сиригэр 1530 метр дириҥҥэ 15 килотонналаах «Вятка» ядернай дэлби тэптэрии буолбут. Бу ньиэптээх сиргэ уопсайа 7 ядернай дэлби тэптэрии буолбута, сыаллара — ньиэп хостооһунун интенсификацията.
  • 1990 — Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтин Сүбэринитиэтин Декларацията ылыныллыбыт.
  • 2005 — Пакистаҥҥа Азад Кашмир эрэгийиэнигэр 7.6 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. 100,000-ҕа тиийэ киһи өлбүт, 4 мөлүйүөн киһи дьиэтэ-уота суох хаалбыт.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

  • 1937 — Ян Полуян (1891—1937) — Саха сиригэр Конфедералистар бастаанньаларын хам баттааһыны салайбыт киһи.
  • 2018 — Муртаза Шерхан — казаах суруйааччыта, Казахскай ССР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Казахстан суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын иккис сэкиритээрэ.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар