Бэлиэ күннэр
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Саха телевидениетин күнэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Cаха сирин авиациятын күнэ
- Аан дойдуга Космос нэдиэлэтэ салҕанар (алтынньы 4–10 күннэрэ)
- Арассыыйа — Уу үрдүнээҕи, уу аннынааҕы уонна көтөр аал хамандыырын күнэ
- АХШ — Олохтоох омуктар күннэрэ
- Гавайи — Бастакы арыйааччы күнэ
- Ираан — Оҕо көмүскэлин күнэ
- Ииндийэ — Халлаан сэбилэниилээх күүстэрин күнэ
- Перу — Байҕал сэбилэниилээх күүстэрин күнэ
- Намибия — Мас олордуу күнэ
- Украина — Украина юриһин күнэ
Түбэлтэлэр
- 1480 — Москуба Улуу кинээһэ Иван III уонна Улахан Ордуу хаана Ахмат сэриилэрэ «Угра өрүһүгэр турууну» саҕалаабыттар. Түһээн төлөтө кэлбит татаар сэриитэ нуучча сиригэр ааһаары өрүһү туоруу сатаабытын Иван III тохтоппут. Биир ыйынан татаардар Москуба сэриитин кыайбакка, сыалларын ситиспэккэ төннүбүттэр. Манан нуучча сирдэригэр 2,5 үйэлээх монгол-татаар былааһа эстибит.
- 1818 — Англияҕа бастакытын боксаҕа бэрчээккини туһаммыттар.
- 1925 — Саха сирин бастакы сөмөлүөтэ «Сопвич» аан бастаан көппүт. Пилот Пётр Фадеев Даркылаах бириистэнтэн көппүт уонна Күөх хонууга түспүт. Бастакы пассажирдарынан Бартыһаан Дьөгүөрэп, Былатыан Ойуунускай уонна А. П. Дмитриева буолбуттар.
- 1934 — Дьокуускайга Педагогическай институт аһыллыбыт, билиҥҥитэ — М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет. Институт бастакы дириэктэринэн Иван Жегусов буолбут.
- 1963 — Саха телевидениетэ тиһигэ быстыбакка эфиргэ тахсыытын саҕалаабыт. Дьокуускайга телецентр тутарга диэн быһаарыы ылыллыбытын кэннэ, 4 сылынан телевидение үлэтин саҕалаабыт.
- 1967 — Боливияҕа аатырбыт революционер, хомуньуус бартыһаана Че Гевара билиэҥҥэ түбэспит, сарсыныгар кинини өлөрбүттэр. Өлөн баран Че Гевара бүтүн аан дойдутааҕы контркултуура им бэлиэтэ буолбута.
- 1978 — Мирнэй улууһугар Орто Ботуобуйа ньиэптээх сиригэр 1530 миэтэрэ дириҥҥэ 15 килотонналаах «Вятка» ядернай дэлби тэптэрии буолбут. Бу ньиэптээх сиргэ уопсайа 7 ядернай дэлби тэптэрии буолбута, сыаллара — ньиэп хостонуутун чэпчэтии.
- 1990 — Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтин Сүбэринитиэтин Декларацията ылыныллыбыт.
- 2005 — Пакистаҥҥа Азад Кашмир эрэгийиэнигэр 7.6 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. 100 тыһыынчаҕа тиийэ киһи өлбүт, 69 000–75 266 киһи бааһырбыт, 4 мөлүйүөн киһи дьиэтэ-уота суох хаалбыт.
- 2007 — Владикавказ, Малгобек, Ржев, Ельня уонна Елец куораттарга «Сэрии албан аатын куората» диэн ытык аат иҥэриллибит.
- 2014 — Эбола ыарыытыттан АХШ-ка бастакы киһи өлүүтэ тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1849 — Александр Сибиряков (1933 өлб.), нуучча көмүс промышленнига, мэссэнээт, Сибиири чинчийээччи.
- 1892 — Марина Цветаева — нуучча бэйиэтэ, тылбаасчыта, XX үйэ бөдөҥ бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ.
- 1933 — Валерий Скрябин — 1962-1966 сылларга РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Амма улууһун уонна Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
- 1953 — Владимир Михайлов — Сунтаар улууһун «Кириэстээх» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын ыанньыксыта. Бочуот уордьанын кавалера (2013), Үлэ Албан аатын уордьанын толору кавалера, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера (2011), Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1956 — Василий Гоголев Уйулҕан — суруйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр
- 1800 — Салават Юлаев (1754 төр.), башкиир бэйиэтэ, Емельян Пугачёвтуун өрө турууну тэрийсибит киһи.
- 1937 — Ян Полуян (1891—1937) — Саха сиригэр Конфедералистар бастаанньаларын хам баттааһыны салайбыт киһи.
- 2018 — Муртаза Шерхан — казаах суруйааччыта, Казахскай ССР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Казахстан суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын иккис сэкирэтээрэ.