Алтынньы 4 күнэ. Гороскоп

Хой 

Хайдах да түгэҥҥэ эн болҕомто ортотугар сылдьаҕын

Оҕус 

Бүгүҥҥүттэн саҕалаан олоҕуҥ кыра хардыынан үчүгэйгэ уларыйан иһиэ

Игирэлэр 

Өр кэмҥэ атыылаһыаххын баҕарбыт малгын бу күн атыылаһыаҥ, харчы боппуруоһа судургутук быһаарыллыа

Рак 

Хайдах эрэ өйдөөн көрдөххө, эн куруутун наар дьоҥҥо көмөлөһөҕүн, онтон эйиэхэ ким илиитин уунуой?

Хахай 

Бүгүн соһуччу бэлэх тутуоҥ, бэл тапталга билинии баар буолуо

Кыыс

Олоххор уларыйыы бөҕөтө буолаары турар, ону бэйэҥ да сэрэйэн билбэккин

Ыйааһын 

Олоххор сөптөөх суолу тутуһан иһэҕин, ылсыбыт дьыалаҥ ситиһиилээх буолуо

Скорпион 

Уруккугун аһарыммакка сылдьан саҥа эчэйиилэри ылаары ыксыыр курдуккун. Сэрэхтээх буол

Охчут 

Болҕомтолоох буол, дьон сытыы тылыгар киирэн биэрэр куттал баар

Чубуку 

Эр санааҕын киллэрэн туран бастакы хардыыны оҥороруҥ оруннаах

Күрүлгэн 

Харчыга сыһыаннаах дьыала хамаҕатык быһаарыллыа, табыгастаах буолуо

Балыктар 

Эйигиттэн сылтаан ким эрэ эрэйи көрө сылдьар, тулаҕын болҕойон көр.

Бытантай уоттара

This post was published on 04.10.2023 09:45 09:45