Бэлиэ күннэр
- Арассыыйа — ОМОН күнэ
- Гондурас — Морасан күнэ. Франциско Морасан (1792-1842) диэн 1830 — 1839 сс. Киин Америка Федерациятын бэрэсидьиэнэ, бу өрөспүүбүлүкэ 5 туспа судаарыстыбаҕа арахсыбыта
- Германия — Ньиэмэс сомоҕолоһуутун күнэ (Германия холбоһуутун күнэ)
- Ираак — Британияттан босхолонуу күнэ (1932)
- Соҕуруу Кэриэйэ, Хотугу Кэриэйэ — Ил тэриллиитин күнэ
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 52 — Алезия кыргыһыыта түмүктэммит, Верцингеторикс диэн галл басхана Гай Юлий Цезарь баһылыктаах Рим аармыйатыгар бэриммит. Сотору кэминэн Галлияны барытын Рим импиэрийэтэ сэриилээн ылбыта.
- 1863 — АХШ бэрэсидьиэнэ Авраам Линкольн сэтинньи төрдүс чэппиэригэр Махтаныы күнүн бэлиэтииргэ уурбут.
- 1957 — Саха АССР-ы Ленин уордьанынан наҕараадалыыр туһунан ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Бүрүсүүдьүмүн ыйааҕа тахсыбыт.
- 1990 — Илин Германия эстибит уонна Арҕаа Германия састаабыгар киирбит. Хат холбоммут Германия Арҕаа Европаҕа баһыйар улахан нэһилиэнньэлээх уонна күүстээх экэниэмикэлээх дойду буолбут.
- 2002 — Дьоппуоҥҥа «Наруто» аниме сериалы тэлэбиидэнньэ ханаалларыгар көрдөрүү саҕаламмыт.
- 2007 — Саха сирин мэдиссиинэ үлэһиттэрин уонна уопсастыбаннаһын XV сийиэһэ аһыллыбыт.
- 2009 — Азербайджан, Казахстан, Кыргызстан уонна Турция Түүр сүбэтин тэрийбиттэр. 2019 сыллаахха Сүбэҕэ Узбекистан холбоспут, Туркменистан холбоспокко сылдьар. Ону кытары Венгрия кэтээччи быһыытынан баар.
Төрөөбүттэр
- 1887 — Михаил Носов — Саха норуодунай худуоһунньуга. Живописец уонна график, этнограф быһыытынан былыргы саха материальнай култууратын уонна прикладной ускуустубатын чинчийиигэ уонна хомуйууга сүҥкэн оруоллаах.
- 1895 — Сергей Есенин — нуучча чулуу бэйиэтэ, тыа олоҕун ырыаһыта, олоҕун кэлиҥҥи сылларыгар имажинист.
- 1908 — Алексей Окладников — Сэссийэлиистии Үлэ Дьоруойа, археолог, акадьыамык, РСФСР, Бүрээт уонна Саха АССР-дарын билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС Судаарыстыбаннай Бириэмийэтин икки төгүллээх лауреата, Азия былыргы култуураларын үөрэппит чинчийээччи.
- 1931 — Ара Безродных — мэдиссиинэ дуоктара, бэрэпиэссэр, Саха АССР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ. Кини салалтатынан СГУ мэдиссиинэҕэ факультета билимҥэ бигэ ситиһиилэммитэ, идэни кытта ситимнээх ыарыылары чинчийии киэҥ далааһыннаахтык барбыта
Өлбүттэр
- 1976 — Дмитрий Ходулов (04.08.1912 төр.) — тыйаатыр артыыһа уонна режиссера, ССРС норуодунай артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1995 — Федот Потапов — драматург, режиссер. 1961—1983 сылларга Саха судаарыстыбаннай муусука уонна дыраама, кэлин дыраама тыйаатырын сүрүн режиссера, 1985 сыл ыам ыйыттан Нүөрүҥгүрү куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи куукула тыйаатырын режиссера. РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.