Алтынньы 3 күнэ: хойуу хаар, тыал уонна +8 кыраадыс

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бүгүн, алтынньы 3 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар хойуу хаар түһэрэ, тыалырара уонна +8 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.

Хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытынан, хотугулуу-илин улуустарга сорох сирдэринэн хаар түһэрэ, соҕуруу хойуу хаар түһэрэ күүтүллэр.

Халымаҕа сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.

Күнүс салгын температурата 0,+5°, хоту -2-7°, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу  +8°.

Күнүс Дьокуускайга +2,+4 кыраадыс буолара күүтүллэр. Сөҥүүтэ суох, хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 2-7 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.

Источник: Саха сирэ саайт

This post was published on 03.10.2025 08:13 08:13