Бүгүн, алтынньы 3 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар хойуу хаар түһэрэ, тыалырара уонна +8 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытынан, хотугулуу-илин улуустарга сорох сирдэринэн хаар түһэрэ, соҕуруу хойуу хаар түһэрэ күүтүллэр.
Халымаҕа сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс салгын температурата 0,+5°, хоту -2-7°, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу +8°.
Күнүс Дьокуускайга +2,+4 кыраадыс буолара күүтүллэр. Сөҥүүтэ суох, хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 2-7 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Источник: Саха сирэ саайт