Алтынньы 23 күнэ. Бүгүн химиктэр Моль күнүн бэлиэтииллэр - Бикипиэдьийэ

Арассыыйаҕа Эрэкилээмэ үлэһиттэрин күнэ. Бразилияҕа — Авиатор күнэ. Сорох химиктэр бүгүн Моль күнүн бэлиэтииллэр. Биир мольга баар атом эбэтэр мөлүөкүлэ ахсаана (Авогадро чыыһылата) 6,02⋅10²³ тэҥ, онон онус ый 23-с күнүгэр сарсыарда алта чаас икки мүнүүтэттэн саҕалаан киэһэ алтаны икки ааһыар дылы бэлиэтэнэр. Бу күнү бэлиэтээһин химияҕа оскуола үөрэнээччилэрин болҕомтолорун тардаары тэриллибитэ.


Түбэлтэлэр
  • 1917 — Петроградка меньшевик Суханов кыбартыыратыгар Бассабыык баартыйатын Киин Кэмитиэтин мунньаҕар Владимир Ленин туруорсуутунан Киин Кэмитиэт күүс өттүнэн былааһы былдьаһар туһунан резолюция таһаарбыт.
  • 1927 — Тааттаҕа Эдуард Пекарскай аатын оскуолаҕа иҥэрбиттэр.
  • 1937 — Хотугу Муустаах далайга сэбиэскэй ледокол «Георгий Седов» эрдэ кэлбит кыһыҥҥы мууска хаайтарбыт. Ледокол аатырбыт 812 хонуктаах арктическэй дрейфэтэ саҕаламмыт. Иккиттэн тахса сыл мууска хаайтарбыт ледокол Лаптевтар байҕалларыттан Шпицберген архипелагар диэри тиийбитэ.
  • 1942 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Эгиипэккэ Улуу Британия аармыйата Германия уонна Италия аармыйаларын утары иккис Эль-Аламейн кыргыһыытын саҕалаабыт. Британия аармыйата быдан баһыйар ахсааннаах буолан кыргыһыыны кыайбыта уонна быыстала суох кимэн киирэн Хотугу Африкаттан өстөөхтөрүн үүрбүтэ.
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Филиппины кытылын таһыгар АХШ уонна Дьоппуон флоттарын ыккардыларынааҕы аан дойду устуоруйатыгар саамай улахан байҕал кыргыһыыта — Лейте хомотун кыргыһыыта саҕаламмыт. Авианосецтарын үгүстэрин бу иннинэ сүтэрбит дьоппуоннар быдан баһыйар АХШ флотун үүрэ сатаабыттара кыаллыбытах, кыргыһыыга АХШ быһаарыылаахтык кыайбыт. Лейте хомотугар дьоппуоннар бастакытын камикадзе тактикатын ситиһиилээхтик туһаммыттар, биир авианосеһы камикадзе тимирдибит.
  • 1956 — Венгрияҕа Матьяш Ракоши биир өттүттэн, уонна Имре Надь иккис өттүттэн салалталаах былааһы былдьаһыы түмүгэр бырабыыталыстыбаны, сэбиэскэй былааһы утары өрө туруу саҕаламмыт — 200 тыһыынча киһи уулуссаҕа тахсыбыт. Ракоши бэйэтин кэмигэр «Сталин бастыҥ үөрэнээччитинэн» ааҕыллара, дойдуну ССРС мадьыалынан сайыннара сатаабыта, оттон Надь чэпчэки промышленноһы өрө тутар Маленковка чугас этэ, кылгас кэмҥэ дойдуну салайа сылдьыбыт кэмигэр репрессияны тохтоппута, нолуогу кыччаппыта, онон норуот өйөбүлүн ылбыта. Бастаанньа кини туоратыллан, Ракоши киһитэ былааска тахсыбытыттан сылтаан саҕаламмыта. Икки нэдиэлэнэн сэбиэскэй аармыйа тааҥкалардаах киирэн өрө турууну хам баттаабыта. Санаттахха, Матьяш Ракоши кэргэнэ Өлүөхүмэттэн төрүттээх саха дьахтара этэ.
  • 1984 — ЦК КПСС пленума Сибиир өрүстэрин соҕуруу көһөрөр бырагырааманы ылыммыт. Бу бырайыагынан ССРС-ка 20 сыл тухары уопсайа 160 тэрилтэ үлэлээбит эбит. Сүрүннээн Арҕаа Сибиир өрүстэрин Обь уонна Иртыш ууларын КазахстааҥҥаОрто Азияҕа, ону кытары Араал байҕалыгар ыытыллыахтаах эбит. Ол эрээри перестройка кэмигэр бу былаан экологияҕа улахан хоромньуну оҥоруохтааҕын туһунан прессаҕа улахан айдаан тахсыбыт. Инньэ гынан 1986 сыллаахха Сибиир өрүстэрин соҕуруу көһөрөртөн аккаастаммыттара.
  • 1996 — Өрөспүүбүлүкэ киин быыбардыыр хамыыһыйата бэрэсидьиэҥҥэ бастакы икки кандидааты бэлиэтээбит: Артур Алексеевы «Норуот патриотическай сойууһа» диэн тэрийэр бөлөхтөн уонна Николай Архиповы Саха сирин социальнай-демократическэй баартыйатыттан. Бу сыл ахсынньытыгар буолбут быыбарга барыта 6 киһи кыттыбытыттан Михаил Николаев кыайбыта (58,96 % куолаһы ылан, «иккис миэстэлээх» Артур Алексеев 25,46 % ылбыта).
  • 2005 — Коряк автономнай уокуруга уонна Камчаатка уобалаһа холбоһоллорун туһунан референдум буолбут. Корякия дьоно төһө да сөбүлээбэтэллэр, куоластаабыт дьон баһыйар өттө холбоһуу диэки буолбут. Инньэ гынан 2007 сыл от ыйын 1 күнүгэр Камчатка кыраайа диэн саҥа эрэгийиэн үөскээбитэ.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1987 — Никита Канаев (27.09.1907 төр.) — саха литэрэтиирэтин ырытааччы, литэрэтиирэни чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

This post was published on 23.10.2020 09:01 09:01