6 Алтынньы 06.10
  • $ 94,87
  • 104,74

Алтынньы 2 күнэ. Гороскоп

09:15, 02 октября
Хаартыска: ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой

Билиигин-көрүүгүн хаҥатын, саҥаны үөрэт. Олоҕуҥ дьэрэкээн кырааскаларынан оонньуоҕа. Саҥа романтическай сыһыан эбэтэр кытаанах доҕордоһуу үөскүөн сөп.

Оҕус

Саҥаны саҕалыырга уонна эрдэ кыайтарбатаҕы тиһэҕэр тиэрдэргэ бэртээхэй күн үүммүт. Бэйэҕэр уонна чугас дьоҥҥор элбэх туһалааҕы оҥоруоҥ. Барыстаах илии тутуһуу уонна атыы-тутуу табыллыан сөп.

Игирэ

Эйиэхэ бүгүн улахан иэйии эбэтэр олоххор тугу эрэ уларытар санаа киириэҕэ. Холонор көрөргө сананыаҥ. Ол эрээри ыксаабат ордук, туох эрэ суолталааҕы куоттаран кэбиһиэҥ.

Рак

Судургута суох түгэнтэн кыһалҕаҕа кыһарыйтарыаххын сөп. Ону быһааран босхолоноруҥ өр кэми уонна тулууру эрэйиэҕэ. Эн дьыалаҕар, олоххор аһара кыттыһа сатыыр дьонтон сэрэхтээх буол.

Хахай

Таһаарыылаах күн. Дьиҥ-чахчы сүрүн суолталаахха болҕомтоҕун туһаай. Үлэҕэр уонна туһалааҕы оҥороргор ситиһиилэниэҥ. Киэһэ иэйии киирэрин уонна күүс-сэниэ ылар туһугар тулалыыр эйгэҕин уларыт, интэриэһинэй тэрээһиҥҥэ сырыт.

Кыыс

Эн талааҥҥын уонна өйгүн бэлиэтии көрөн хайгыахтара. Оҥорбут этиилэриттэн кыайан аккаастаныаҥ суоҕа. Ыраах даҕаны, чугас даҕаны айаныҥ табыллыаҕа. Суолга кэрэхсэбиллээх билсиһии күүтэр.

Ыйааһын

Бэйэ кыаҕар аһара күүстээх эрэлиҥ өйдөспөт түгэҥҥэ түбэһиннэриэн сөп. Дьон сүбэтин кулгааҕыҥ таһынан аһарыма. Көрбүккүн-истибиккин ырыта, ырыҥалыы сырыт. Эрдэттэн былааннаабыт атыылаһыыҥ табыллыаҕа.

Скорпион

Эн тускунан дьоҥҥо үчүгэй өйдөбүл үөскүүр күнэ үүммүт. Ону туһанан наадалаах дьону кытта көрсүһүүнү былааннаа, сөбүлүүр киһигин кытта бастакы көрсүһүүгэ сөбүлэс. Ыалдьыттары ыҥырарга эбэтэр бырааһынньык тэрийэргэ эмиэ табыгастаах күн. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаныҥ тупсуоҕа, аһаҕас кэпсэтиигэ бэлэм буол.

Охчут

Улахан дьыаланы былааннаабыт буоллаххына, билигин саамай кэмэ эбит. Эйигин туох да чаҕыппат уонна тохтоппот. Барыта бэрт кэбэҕэстик табыллан иһиэҕэ.

Чубуку

Билсиһиигэ, кэпсэтиигэ, элбэх киһилээх тэрээһиҥҥэ сырыттаххына дуоһуйууну ылыаҥ. Эн диэки буолар, эйигин өйдүүр-өйүүр дьону кытта алтыс. Соһуччу харчы эбиллиитэ күүтэр.

Күрүлгэн

Туох да буоллаҕына, аһара өрүкүйүмэ, холку буол. Эмоцияларгын кыана туттубатаххына уонна күлүм гынан ааһар баҕаҕын ханнараары сыыһа хамсанан кэмсиниэҥ. Эйиэхэ бүгүн кичэллээхтик оҥоһуллубут былаан наада.

Балыктар

Туруоруммут сыалгын ситиһэргэ кытаанах санаалаах буоларыҥ ордук. Бастакы сырыыттан таппакка, санааҥ түһүөн сөп. Онуоха доҕотторгун кытта бэһиэлэй, чэпчэки кэпсэтии настырыанньаҕын көтөҕүө.

Эҥсиэли

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар