2020 сыл муус устар 1 — алтынньы 1 күнүгэр 3-гэр диэри саастаах бастакы уонна иккис оҕоҕо ыйдааҕы төлөбүр ыал орто дохуотуттан тутулуктанан бэриллибитэ. Дохуот тиийинэн олоруу кээмэйин икки гыммытыттан үрдүк буолуо суохтаах. Бу төлөбүр салҕанар буолла.
Госдуума пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, сокуоҥҥа олоҕуран, алтынньы 2 күнүттэн төлөбүр уһатыллар буолла.
«Судаарыстыба соруга – оҕолоох ыаллары өйөөһүн, кинилэргэ көмөлөһүү. Бу сокуон ылыллан судаарыстыбаттан көмө ылааччы ахсаана элбээтэ», – диэтэ Вячеслав Володин.
Алтынньы 2 күнүттэн нуорма салҕанарынан, төлөбүрү ылыыга сайабылыанньалары туталлар.
This post was published on 30.09.2020 11:01 11:01